Олоҥхо Ыһыаҕар: «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону 4 тылынан дорҕоонноохтук аахтылар

От ыйын 1-2 күннэригэр Өймөкөөннөөҕу кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин ситимэ 16-с Олоҥхо Ыһыаҕын иитинэн 100 киһи кыттыылаах сахалыы, нууччалыы, эбээннии, английскайдыы тылынан Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун 2-с өрөспүүбүлүкэтээҕи уһун тыыннаах ааҕыы марафонун үрдүк таһымҥа тэрийэн ыыппыта.

Уһун тыыннаах ааҕыы сүрүн сыала-соруга —  олоҥхону үөрэтии, истии култууратын сайыннарыы. Олоҥхону уһун тыыннаах ааҕыы марафонун бастакы тэрийээччилэринэн О.Д. Федорова аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи киин модельнай бибилитиэкэ тиһигэ буолар.

2022 с. 15-с Олоҥхо Ыһыаҕар Хотун Бүлүү туонатыгар маннык марафон аан бастакытын буолбута. Манна 100 киһи Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун сахалыы тылынан аахпыттара.

Иккис төгүлүн ыытыллыбыт олоҥхону уһун тыыннаах ааҕыы Өймөкөөннөөҕү марафонун сүрүн уратытынан Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун аны түөрт тылынан — сахалыы, эбээннии, нууччалыы уонна английскайдыы ааҕыы буолла.

Икки күннээх тэрээһини Үөһээ Бүлүүттэн, Томпоттон, Чурапчыттан, Тааттаттан, Горнайтан, Дьокуускайтан, Намтан, Муоматтан, Хаҥаластан, Амматтан уонна Өймөкөөнтөн, уопсайа 100 кыттааччы олус киэргэттэ.

Бары кыттааччыларга туоһу суруктары уонна сэмэй бэлэхтэри анаатылар. Олоҥхо уһун тыыннаах ааҕыытын үһүс марафонун Кубога Олоҥхо Ыһыаҕа эһиил Амма улууһугар ыытылларынан, бу улуус Култуура уонна норуот айымньытын управлениетын начаалынньыгар Иван Ивановка үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыллыбыта.

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.

 Ольга Скрыбыкина

Читайте дальше