Олоҥхо Ыһыаҕа. Түмүгү торумнуур мунньахтар

Балаҕан ыйыгар улууспутугар Олоҥхо Ыһыаҕын түмүктэрин таһаарыахтара.

Ол туһунан Култуура уонна туризм сайдыытын управлениетын начаалынньыга Аксиния Сивцева иһитиннэрдэ. Бу дьыл балаҕан ыйын иккис аҥаарыгар өрөспүүбүлүкэҕэ Олонхо ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Февронья Шишигина, Олоҥхо институтун  дириэктэрэ Руслан Анисимов, ыһыах сүрүн сценариһа Майя Власьева кыттыылаах түмүк мунньахтар ыытыллыахтара.

Олоҥхо Ыһыаҕын көрсө бэчээттэммит саҥа кинигэлэр, атыыһыт Н.О. Кривошапкин хартыынатын сүрэхтэниилэрэ нэһилиэктэринэн ыытыллыаҕа. Ити кэмҥэ өр кэтэспит Өймөкөөн төрүччүтүн үөрэтэн бэлэмнээбит Спиридон Слепцов кинигэтэ бэчээттэнэн, ааптар көрсүһүүлэргэ кыттыһыа диэн эрэнэбит. Тамара Васильева Өймөкөөн фольклорун туһунан кинигэтэ, Өксөкүлээх Өймөкөөҥҥө сырыыларынан бэртээхэй альбома таҕыста, — диэтэ Аксиния Сивцева.

Ыһыах түмүгүнэн анализ оҥоһуллара булгуччулаах. Үгэс быһыытынан ыһыах туһунан кэпсиир альбом оҥоһуллан бэчээттэниэҕэ. Онуоха ыһыахха үлэлээбит фотографтары кытта үлэ ыытыллар. Улууска кэлэн барбыт фотографтар үлэлэрин ыыттылар, эбии хомуйсуохпут. “Уус-Ньара” бөһүөлэгэ МТ дьаһалтата өйөөтөҕүнэ, «Золотинка» үҥкүү бөлөҕө кыттыылаах оҕо испэктээгин хат туруоран, видеоҕа устар былаан баар, — диэн биллэрдэ Аксиния Семеновна.

Олоҥхо ыһыаҕын бэлэмигэр хас биирдии дьоһун кылааты киллэрбит киһи, тэрилтэ махтал суругунан, өйдөбүнньүк бэлэҕинэн наҕараадаланыаҕа.

 Любовь Кривошапкина

Читайте дальше