Олохтоох былаас норуокка чугаһыыр

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын салалтата, улуус бөдөҥ тэритэлэрин салайааччыларын улахан бөлөҕө улуус нэһилиэктэринэн сылдьан олохтоохтору кытта көрсөллөр.

Бу улууска өр сылларга умнулла быһыытыйбыт сонун суолталаах тэрээһин соругун туһунан улуустааҕы муниципалитет баһылыга Александр Оконешников маннык билиһиннэрдэ:

Улуус салайааччыларын административнай десаннарын сүрүн сыалынан оройуон салалтатын, олохтоох салайыныы уорганнарын, федеральнай сулууспалар бэрэстэбиитэллэрин уонна олохтоох нэһилиэнньэ икки ардыларыгар ыкса сибээһи олохтооһун, үөскээбит уустук боппуруостары быһаарыы, көстөр кыһалҕалары дьүүллэһии буолар.

Муниципальнай тэриллии баһылыга буоларым быһыытынан, биир дойдулаахтарбын, төрөөбүт улууһум дьонун-сэргэтин туох долгутарын билэрим улахан суолталаах. Дьон миэхэ тус да, араас уопсастыбаннай да боппуруостары быһаартараары тахсар.  Аны миэстэтигэр тиийэн, олохтоохтор биэрэр ыйытыыларын, этиилэрин барытын учуоттаан, үлэ былаанын аттарыахпыт, толкуйдуохпут. Онон олохтоох нэһилиэнньэни кытта сүбэлэһэр, кини санаатын истэр хайаан да наада, — диэн бэлиэтээтэ муниципальнай тэриллии баһылыга Александр Оконешников.

Салайааччылар бииргэ түмсэн Өймөкөөн улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһааннаах боппуруостары улуус олохтоохторун кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтиилэрэ, сайдыы туһугар улахан көдьүүстээҕэ чахчы.

Бу туһунан нэһилиэктэр ытыктанар уопсастыбынньыктара санааларын маннык үллэһиннилэр.

Октябрина Столярчик, Төрүт нэһилиэгин бэрэстэбиитэллээх уорганын дьокутаата:

Кэлиҥҥи кэмҥэ улуус нэһилиэнньэлээх пууннара көхтөөхтүк сайдан иһэллэр, олорор усулуобуйабыт да куорат олоҕуттан уратыта суох буолла. Сайдыы олуга маннык көрсүһүүлэртэн саҕыллар. Салалта да, нэһилиэк дьоно да бииргэ үлэлээһин хайысхаларын торумнууллара, ханнык нэһилиэк хайдах дьаһанан олорорун көрүү-истии, дьону долгутар кыһалҕалары кытта билсиһии – олох үтүө өттүгэр сайдарыгар төһүү күүһүнэн буолара саарбаҕа суох. Маннык көрсүһүүлэр кэннилэриттэн хас биирдии салайааччы сытыы кыһалҕалары быһаарыыга интэриэстээх буолар. Онон бииргэ үлэлээһиҥҥэ олук ууруллар. 

Дария Тихомирова, Томтор нэһилиэгин биир көхтөөх уопсастыбанньыга:

Нэһилиэкпитигэр күннээҕи кыһалҕа, быһаарыыны эрэйэр боппуруос үгүс. Маннык уустук кэмҥэ олохтоох бэйэни салайыныы сокуоннарыгар уларыйыылар, уопсастыбаннай хамсааһыннар тустарынан салайааччыларбытыттан тус бэйэлэриттэн истэрбит ордук. Төһөнөн элбэхтик дьон санаатын этинэр да, олоххо саҥа сонун сүүрээн киирэн иһэр. Мин санаабар, улуус салалтата нэһилиэнньэни кытта бэйэтин отчуоттуур кэмигэр эрэ буолбакка, хас кыбаартал аайы көрсүһэн, бу иннинэ буолбут көрсүһүүлэргэ киирбит боппуруостар төһө уонна хайдах быһаарыллыбыттарын кэпсииллэрэ уонна ырыталлара олус наада.  Оччотугар көдьүүстээх хамсааһын тахсыа этэ буоллаҕа.

Агафья Готовцева, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Өймөкөөн нэһилиэгин олохтооҕо:

Мин санаабар, оройуон салалтата нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэри уонна дьыалабыай мунньахтары сылга иккитэ (сайын саҕаланыытыгар – окко киириигэ уонна ыкса күһүн – кыстыкка киирии кэмигэр) ыытара ордук этэ.

Муниципальнай тэриллии салалтата уонна бөдөҥ тэрилтэлэр салайааччылара  олохтоохтору кытта улуус олоҕун-дьаһаҕын, кэскиллээх былааннары уонна бырайыактары бииргэ тобулан быһаарсаллара – кэрэхсэбиллээх. Улуус салалтата норуокка чугаһаан эрэрэ киһини үөрдэр.

Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

Читайте дальше