Олоххо көхтөөх буолуохха

2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха сиригэр Оҕо саас сылынан биллэриллибитэ. Өймөкөөн нэһилиэгиттэн төрүттээх, дьоҥҥо өрүү үөрүү, дьол, эрэл кыымын саҕа сылдьар култуура үлэһитэ Аксинья Владимировна Гермогенова дьиэ кэргэнин туһунан маннык сэһэргээтэ.

Мин сиргэ түспүт сэрэбиэйбинэн, окко түспүт оҥоһуубунан  уоллаах кыыс оҕолордоохпун. Биһиги дьиэ кэргэмминээн 2020 сылтан билсэн-көрсөн, сыһыаммытын тургутан көрөн 2022 сыл, сэтинньитигэр сокуонунан ыал буолбуппут. Кэргэним Ньургун Васильевич звукооператор үөрэхтээх, оттон мин режиссерскай идэлээхпин. Иккиэн «Тымныы Оройо» култуура дьиэтигэр үлэлиибит. Иккис дьиэбит кэриэтэ, күммүтүн манна, үлэбитигэр атаарабыт. Уолбут Мичил Аллараа-Бэстээх тимир суол техникумун устудьуона, оттон кыыспыт Күннэй Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатын 9-с кылааһын туйгун үөрэнээччитэ.

Биһигини улуус үрдүнэн ыытыллар «Минута славы» дьиэ кэргэн күрэҕэр кыттыҥ диэн биир идэлээхпит култуура үлэһитэ Татьяна Заболоцкая ыҥырыы киллэрбитигэр тутатына сөбүлэспиппит. Түһүмэххэ бэйэни билиһиннэрии уонна талааны көрдөрүү баара.

Биһиги дьиэ кэргэн быһыытынан улуустааҕы күрэххэ аан бастакыбытын кыттан, иккис бочуоттаах миэстэҕэ тиксибиппититтэн олуһун диэн үөрэбит. Тэрийээччилэргэ, өйөөбүт дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Төрүт култуураҕытын умнубакка илдьэ сылдьыҥ диэн туран, кырыымпа күпсүүр хомус доҕуһуоллаах, хамсаныылаах, тойуктаах, олоҥхолоох, норуот ырыалаах  композиция туруорбуппут. Бириистэрэ олус үчүгэй, дьиэ кэргэҥҥэ туһалаах «Олимп» мебельнэй маҕаһыынтан сертификат биэрбиттэрэ, диплом уонна кубок туттарбыттара.

Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ биирдиилээн ситиһиилэр элбэхтэр. Ол курдук республикаҕа, улууска, нэһилиэккэ ыытыллар култуурунай, спортивнай, общественнай тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ, аахсыйаларга мэлдьи кыттабыт.

Култуура үлэһиттэрэ буоларбыт быһыытынан иллэҥ бириэмэбитин олус диэн сыаналыыбыт. Айылҕалыын алтыһарбытын ордоробут, балыктыырбытын сөбүлүүбүт. Сайынын сир астаан, оттоон уоппускабытын туһалаахтык атаарабыт.

Саха сатаабатаҕа суох диэн девизтээхпит уонна сыаллаахпыт. Кэргэним айылҕаттан бэриллибит тарбаҕыгар талааннаах, мындыр толкуйдаах киһи. Бириэмэтэ тиийбэтин да иһин быыс-арыт булан, баҕарбытын оҥоро, айа-тута сылдьар.

Иллэҥ кэммэр дьиэ ис үлэтин оҥоробун, дьоммун минньигэс аһынан күндүлүүбүн. Сибэкки үүннэрэрбин, иистэнэрбин сөбүлүүбүн.

Далбар хотуттарга алаһа дьиэҕитин араҥаччылаан, ыарахаттартан толлубакка иннигит диэки хардыылаан, оҕолоргут, кэргэттэргит тапталларыгар уйдаран чэгиэн туруктаах сылдьыҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Бу сыл эһиэхэ туох баар үчүгэйи, кэрэни аҕаллын. Төрөөбүт дойдубут сайдарын туһугар общественнай олоххо көхтөөхтүк кыттын диэн ыҥырыам этэ. Ыарыы ыалласпатын, куруук саха алмааһыныы кытаанах доруобуйалаах буолуҥ!

Сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕыҥ

Аксинья Гермогенова,

Өймөкөөн улууһа

 

Читайте дальше