Соторутааҕыта Туймаада туонатыгар, Дьокуускайга, Өймөкөөн биир ытыктанар ыаллара Ксенофонтовтар бу олоххо биирдэ эрэ бэриллэр кэрэ-бэлиэ түгэни бэлиэтээтилэр.
Киин куорат ЗАГС-ын дыбарыаһыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга Валентина Михайловна, Прокопий Николаевич Ксенофонтовтар ыал буолан бииргэ олорбуттара 50 төгүрүк сыл буолбутун туоһулуур докумуону уонна Саха сирин Ил Дархана А.С. Николаев аатыттан эҕэрдэ суругу туттулар.
Кэргэнниилэр бу долгутуулаах, дьоһуннаах күн бэйэ-бэйэлэригэр кыһыл көмүс биһилэхтэри кэтэртилэр. Ксенофонтовтар ааттара «Почетная книга юбилейных свадеб» диэн альбомҥа хаһан да сүппэт өйдөбүнньүк буолан үйэтитилиннэ.
Эдэркээн Валентина уонна Прокопий Н.Г. Чернышевскай аатын сүгэр Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан билсиһэн, харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, таптал кутаа уота күөдьүйэн, 1973 сыл сэтинньи 16 күнүгэр сокуоннайынан кэргэннии буолбуттар эбит.
Ити кэмтэн ыла кинилэр биир сомоҕо буолан, иллээхтик-эйэлээхтик, өйдөһөн-өйөһөн 50 сыл бииргэ олордулар. Бэйэлэрэ төрөппүт 4 оҕолорун кытта 2 тулаайах хаалбыт кыргыттары тэҥҥэ иитэн, барыларын атахтарыгар туруордулар. Оҕолоро бары туруу үлэһит, ыал дьон буоллулар. Онон Ксенофонтовтар оҕолорун, сиэннэрин тапталларыгар уйдаран толору дьоллоохтук, дьоһуннук олороллор.
Куорат биир маанылаах уораҕайыгар биһиги, ыҥырыылаах ыалдьыттар, кыһыл көмүс сыбаайбалаахтар үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэһиннибит.
Ол курдук бииргэ үөрэммит доҕотторо эдэр саастарын эргитэн, долгуйан, 50 сыл анараа өттүгэр буолбут үөрүүлээх түгэни ахтан-санаан ыллылар. Оччолорго олус сиэдэрэй сыбаайба тэрийэр кыах, сөптөөх усулуобуйа да суох эбит. Ол гынан баран, бырааһынньык олус истиҥник, көхтөөхтүк ааспыт.
Бүлүүлэр тыл этэллэригэр биири ордук сөбүлээн иһиттим. «Сыбаайбаҕа ол киэһэ баара муусука, ырыа уонна ТАПТАЛ!»
Үөлээннэхтэрэ: «Биһиги бары Ксенофонтовтар олоххо, айар үлэлэригэр ситиһиилэрин билэ-көрө, истэ сылдьан, кинилэринэн киэн туттабыт. Бачча өр кэмҥэ сибээһи быспакка алтыһа, ыалдьыттаһа сылдьарбытыгар кинилэргэ улаханнык махтанабыт», — диэтилэр.
Саха сиэрин-туомун тутуһан уруулара Е.Е. Находкин аал уоту аһатан, алгыс үтүө тылларын кэргэнниилэргэ уонна мустубут дьоҥҥо анаата. Чугас уруулар ааттарыттан ытык кырдьаҕас М.И. Моисеева, кини кыыһа, юридическай билим дуоктара Т.С. Иванова эҕэрдэлээтилэр. Баай Кырбаһааҥкын аатын сүгэр Өймөкөөн орто оскуолатын учууталларын аатыттан эҕэрдэ туттарылынна. Өр сылларга бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ Г.А. Стручков ахтыытын үллэһиннэ, итии-истиҥ, иһирэх тылы эттэ.
Бу дьоро киэһэҕэ баара: Прокопий Николаевич айар талаанын туоһулуур кинигэлэрин быыстапката, дьиэ кэргэн хаартысканан презентацията, куйаар ситиминэн ыраах Красноярскай куораттан сиэн уол эҕэрдэтэ, хомоҕой хоһоон, ылбаҕай ырыа, эрчимнээх үҥкүү, бириистээх араас оонньуулар, күрэхтэр, минньигэс астаах сандалы.
Сыбаайба биир долгутуулаах түгэнинэн бу умнуллубат дьоро киэһэни тапталлаах төрөппүттэригэр бэлэхтээбит, тэрийбит оҕолорун, сиэннэрин эйэҕэс эҕэрдэлэрэ, барҕа махталлара буолла.
50 сыл устата тапталынан угуттанан олорор дьоҥҥо чөл туругу, бары кэрэни, сырдыгы, үйэлээҕи баҕарабын!
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Тамара Винокурова, биһиги общ.корр., Дьокуускай