Норуот хаһаайыстыбатын ханнык баҕарар хайысхатыгар каадырдар элбэҕи быһаараллар. Дэлэҕэ, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Каадырдар” диэн саҥа национальнай бырайыагы олоххо киллэрэргэ этии киллэри дуо.
Аҕыйах хонуктааҕыта Томтордооҕу култуура дьиэтигэр олохтоох дьон мустан олохтоох участковай балыыһаҕа өр сылларга эҥкилэ суох үлэлээбит, элбэх оҕо күн сиригэр этэҥҥэ кэлэрин туһугар дууһатын уурбут, улууска мэдиссиинэ сайдыытыгар тус кылаатын киллэрбит акушер идэлээх Вера Александровна Колосованы бочуоттаах сынньалаҥҥа атаардылар.
Манна мустубут дьон В.А. Колосова туһунан истиҥ тыллары эттилэр, хас биирдии нэһилиэк олохтооҕо кинини кытта сибээһин, кини идэтигэр хайдах курдук бэриниилээх эмчит буоларын аҕыннылар. Бу киэһэ Вера Александровна киһи быһыытынан хаачыстыбаларын үрдүктүк сыаналыылларын билинэн, эҕэрдэ тыл бастыҥа кутулунна, музыкальнай эҕэрдэ эгэлгэтэ дириҥ иэйиини үөскэттэ.
Вера Александровна киһи бу дойдуга ананан кэлиитин сымнаҕас, нарын илиилэригэр түһэрэн ылан, Томтор уонна чугастааҕы нэһилиэктэр кырачаан олохтоохторугар күн сирин көрөллөрүгэр көмөлөспүт үөһэттэн айдарыылаах киһи буолар. Ол үтүөтүн санаан киниэхэ ийэлэр-аҕалар, эбэлэр-эһэлэр, оҕолор дириҥтэн дириҥ махталлара ананна.
Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев 1994 с. Томторго кэлэ сылдьан тыа сиригэр ол дьыл 45 оҕо төрөөбүтүн истэн кэрэхсээн, хотугу сир эмчиттэрэ идэлэригэр бэриниилээх дьон буолалларын бэлиэтээн турардаах. Вера Александровна оччолорго Томторго эрэ буолбакка, таба ыстаадаларыгар, тэйиччи сытар учаастактарга эмиэ сылдьара, төрүүр дьахталларга көмөлөһөрө. Кини эрдэттэн сэрэтэр үлэни сатабыллаахтык тэрийэрэ, эдэр ийэлэргэ сүбэтэ-амата тугунан даҕаны кэмнэммэт буолара. Ол да иһин кини акушерскай дьыала үрдүк категориялаах исписэлииһэ буола үүннэҕэ.
В.А. Колосова үлэтигэр, тустаах эбээһинэһигэр эппиэтинэстээх сыһыанын иһин СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин, улуус уонна нэһилиэк Бочуоттаах грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта даҕаны элбэҕи этэр.
2005 сылга В.А. Колосоваҕа СӨ Доруобуйа харыстабылын туйгуна үрдүк аат иҥэриллибитэ.
Любовь Кривошапкина