Олоҕо бүтүннүү — бибилэтиэкэ

Биһиги бары ытыктыыр, убаастыыр, истиҥник саныыр киһибит Розалия Ивановна Готовцева Өймөкөөннөөҕү бибилэтиэкэ тиһигэр үтүө суобастаахтык, бэриниилээхтик 42 сыл устата үлэлээбитэ.

Р.И. Готовцева 1976 с.  Хабаровскайдааҕы култуура институтун бибилэтиэкэ салаатын бүтэрэн, оройуоҥҥа бастакы үрдүк үөрэхтээх бибилэтиэкэр-исписэлиис буолбута. Омос көрдөххө, бибилэтиэкэ үлэтэ олус судургу курдук. Ол эрээри, бу бастатан туран, араас өрүттээх киэҥ билиини, дьоҥҥо амарах сыһыаны, психологияны, педагогика ньымаларын баһылыыры, литэрэтиирэни киэҥник билиини, идэҕэ бэриниилээх буолууну, кинигэ нөҥүө дьоҥҥо-сэргэҕэ билиини тарҕатарга саҥаттан саҥа идиэйэни сатабыллаахтык туһаныыны эрэйэр үлэ.

Розалия  Ивановна бибилэтиэкэр быһыытынан үрдүк квалификациялааҕын, үлэлээбит сыллара туоһулууллар. 1980 с. кини быһаччы салалтатынан нэһилиэктэр бибилэтиэкэрин пуондата  инвентаризацияланан бэрээдэктэммитэ, наадалаах кинигэни  чопчу  булан  ыларга  анаан  систиэмэлээх үлэ барбыта. Каталогтар оҥоһуллан, бибилэтиэкэ үлэтэ ирдэбилгэ сөп түбэһэр саҥа таһымҥа тахсыбыта.

Розалия Ивановна  быһаччы туруорсуутунан Томторго  кииннэммит бибилэтиэкэ систиэмэтэ тэриллибитэ.  Сатабыллаах салайааччы тэрилтэҕэ олохтоох, анал үөрэхтээх  кыргыттары  үлэҕэ ылан сөбүлүүр идэтигэр үөрэппитэ, ииппитэ-такайбыта. Киин бибилэтиэкэ үлэтэ кэҥээн, Томтор нэһилиэгин сайдыытыгар улахан күүс-көмө буолбута. Тэрилтэ үлэһиттэрэ бары араас тэрээһиннэргэ бары көхтөөхтүк кытталлара, сопхуос субуотунньуктарыгар: ынах сүөһү көрүүтүттэн саҕалаан, аһылыгын бэлэмнэһэн, ферма үлэһиттэригэр көмөлөһөллөрө. Ону тэҥэ ыраах-чугас сытар учаастактарга саҥа кинигэлэри, хаһыаттары, сурунааллары илдьэн, сырдатыы үлэтин ыыталлара, тиэмэлэринэн иһитиннэриилэри оҥороллоро. Бибилэтиэкэ кэлэктиибэ араас куонкурустарга, күрэхтэргэ кыттан элбэхтэ  бочуотунай  грамоталарынан, махтал суруктарынан  наҕараадаламмыта.

Р.И. ГОТОВЦЕВА бииргэ төрөөбүт эдьиийинээн  Полина Ивановналыын таайдарыгар, саха литэрэтиирэтин төрүттээччи, суруйааччы Николай Максимович Заболоцкай-Чысхааҥҥа дьиэ туттарарга  олохтоох  Сэбиэт бэрэссэдээтэлигэр В.П. Кривошапкиҥҥа туруорсубуттара. Власий Петрович аймахтар этиилэрин өйдөөн, өйөөн Н.М. Заболоцкайга дьиэ туттаран биэрбит өҥөлөөх.

Суруйааччы дьиэтэ  билигин Томторго кини аатын сүгэр түмэл буолан үлэлии турар. Бу мусуой үлэтин саҕалыырыгар Розалия Ивановна саха биллиилээх суруйааччыта, уран тыл маастара, литературнай кириитик  Н.М. Заболоцкай-Чысхаан  архыыбын, тутта сылдьыбыт малын-салын Дьокуускайтан аҕалан туттарбыта. Ытык суруйааччы айар олоҕун тухары суруйбут айымньыларын  үйэтитэр сыалтан бу түмэл арыллыбыта олус кэрэхсэбиллээх, улахан суолталаах.

Хаартыскаҕа: Р.И. Готовцева (хаҥастан бастакы олорор) өрүүтүн бииргэ алтыһар биир дойдулаахтарын кытта 

Розалия Ивановна 2008 с. Н.М. Заболоцкай-Чысхаан  100 сааһын туолуутугар библиографическай  ыйынньык  оҥорбута. Бу үлэ тапталлаах суруйааччыбыт литературнай нэһилиэстибэтэ сүҥкэн суолталааҕын, киэҥ-дириҥ хайысхалааҕын туоһутунан буолар.

Р.И. Готовцева өссө биир биир кэскиллээх үлэтинэн “Олоҥхо суолтатын билиһиннэрии” бырайыага буолар. Итини тэҥэ кини өр кэмҥэ Томторго “Арчы”  диэн кырдьаҕастар  кулууптарын салайан,  Таатта улууһун Чычымах нэһилиэгин  аҕам саастаах дьонун, бэтэрээннэрин  кытары бу иитэр-үөрэтэр хайысханан ыкса үлэлэспиттэрэ. Кинилэр саха чулуу суруйааччыта А.Е. Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй аатын үйэтитиигэ үгүс үлэни ыыппыттарын тоһоҕолоон бэлиэтиир тоҕоостоох.

Убаастабыллаах Розалия Ивановна, Эйиигин  75 сааскын туолбут кэрэ-бэлиэ күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээн, билигин үтүөлээх сынньалаҥҥар да олордоргун, өрүү кэлэ-бара, сүбэ-ама биэрэ сылдьаргыттан,  биһигини умнубаккыттан үөрэбит. Биһиги кэккэбитигэр үлэлээбитин тухары Эн, аҕа саастаах киһи быһыытынан дириҥ толкуйуҥ эдэр дьоҥҥо ыллыктаах санааны саҕара саарбаҕа суох. Эйиэхэ баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, уһун үйэни, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну!

Бииргэ үлэлээбит кэлэктиибиҥ, Өймөкөөннөөҕү бибилэтиэкэ тиһигин үлэһиттэрэ,

Томтор

Читайте дальше