Ойуур уота: илинтэн кэлэр хойуу буруо тыал хайысхата уларыйдаҕына эрэ тохтуо

Бүгүн атырдьах ыйын 14 күнүн сарсыардатынааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэбит тыаларыгар 127 ойуур уота 366 883,3 гектардаах сиргэ умайарыттан 59 баһаары умуруорууга үлэ ыытыллар. Уруккутун курдук, саамай элбэх көрдүгэн Өлүөхүмэ (23) уонна Уус Маайа (16) улуустарыгар күүдэпчилэнэр.

Киин куоракка бу сарсыарда буруобут өссө хойунна. “Планета” билим чинчийэр киинэ куйаартан устубут хаартыскатыгар көстөрүнэн, Хабаровскай кыраай, Амур уобалаһын уонна Уус Маайа улууһун баһаардарын буруота илинтэн кэлэр салгын сүүрээнигэр холбоһон, Саха сирин соҕуруу, соҕуруулуу-илин уонна киин өттүгэр киэҥник, хойуутук сабардаата.

Бүгүн – маҥнайгы Ыспааһап, халлааммыт хотуур ортотун бэлиэтиэхтээх. Интэриниэт “кэпсииринэн”, Дьокуускайга бүгүн күнүс ардыахтаах эрээри, хойуу буруо аһарыа саарбах. Оттон Гидромет сулууспатын Саха сиринээҕи салаата билгэлииринэн, бүгүн арҕаа, соҕуруу эҥээргэ уонна Өлүөнэ алын тардыытынан ардыыр, соҕуруу сорох сиринэн дохсуннук түһүө.

Уоппутугар эргилиннэххэ, бу кэмҥэ 9 улууска 264 181,3 гектарга тарҕаммыт баһаары бохсууга 1 536 киһи 58 анал тиэхиньикэни туһанан үлэлии сылдьар. Саамай элбэх уонна киэҥ уоттаах улуустарга – Өлүөхүмэҕэ 593, Уус Маайаҕа 565 баһаарынай парашютистар уонна десантниктар охсуһаллар. Алдаҥҥа 29 571 гектардаах 9 уокка 86 киһи үлэлиир. Үөһээ Халымаҕа билигин даҕаны 29 571 гектары хабан, 5 сиргэ уот көрдүгэннииригэр 30 үлэһит сылдьар. Отчуоттанар кэм устатыгар 3 558,3 гектар иэннээх сири сиэбит 7 уоту эргийдилэр.

Бүгүҥҥү сабаҕалааһынынан, Алдан, Үөһээ Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ, Хаҥалас улуустарын уонна Дьокуускай куорат тыаларыгар 4-с кылаастаах уот турар куттала баар. Оттон саамай үрдүк 5-с кылаастаах баһаар Куорунай, Бүлүү уонна Сунтаар улуустарыгар күүдэпчилиниэн сөбүттэн сэрэтэллэр.

Василий Никифоров

Читайте дальше