Оҕо – ыал дьоло, эрэлэ

Сордоҥноох нэһилиэгэр олорор эдэр ыал Егоровтар олоххо ураты көрүүлээхтэр-истиилээхтэр, ырыа-үҥкүү аргыстаахтар. Ыал ийэтэ Ефросинья Евгеньевна Ньурбаттан төрүттээх, Сордоҥноохтооҕу  уһуйаан иитээччитэ. Олоҕун аргыһа Владимир Семенович бу нэһилиэккэ төрөөбүтэ, улааппыта. Кини “Теплоэнергосервис” тэрилтэтигэр үлэлиир-хамсыыр.

Егоровтар дьиэ кэргэн кэрэхсэбиллээх кэрэ кэпсээннээх тапталлара, олохторун кинигэтэ 2017 сыллаахтан саҕаламмыта. Ефросинья 2014 с. Томтор орто оскуолатыгар алын сүһүөх кылаас учууталынан ананан үлэлии кэлбитэ.

Окко түспүт аналынан оҕо төрөтөр, ыал буолар дьылҕата таайан, таптыыр доҕорун Владимиры көрсөн, сүрэхтэрин холбообуттара. Билигин Сордоҥноох нэһилиэгэр олохсуйан олороллор.

Кэтэһиилээх, муннуларын бүөтэ, дьэдьэн курдук минньигэс, эдэр ыал хас биирдии күнүн сырдыгынан сылаанньытар Эльдар диэн уол оҕолоохтор.

Оҕобут саха биллиилээх суруйааччыта Н.М. Заболоцкай-Чысхаан төрөөбүт күнүгэр, үлэлээбит оскуолам күнүн бэлиэтиир күҥҥэ, сэтинньи 21-гэр күн сирин көрбүтэ олус кэрэхсэбиллээх, — диир эдэр ийэ Ефросинья. — Мин Ньурба улууһуттан төрүттээхпин. 2014 с. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ педагогическай институтугар алын сүһүөх кылаас учууталларын бэлэмниир салааҕа үөрэнэн, үрдүк үөрэҕи ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Онтон кэргэним Владимир автомеханик идэлээх, ону тэҥэ В/С категориялаах суоппар үөрэхтээх. Кини үлэтин таһынан сөбүлүүр дьарыга үгүс. Ол курдук маһынан да, тимиринэн да бэркэ уһанар. Оттон кырачаан уолбут Сордоҥноох нэһилиэгин “Кэнчээри” уһуйааныгар сылдьар.

Эдэр дьон олоххо иккиэн биир интэриэстээх буолан биэрбиттэр: айылҕаҕа сылдьыы, чөл олоҕу тутуһуу, ырыанан-үҥкүүнэн үлүһүйүү, бултааһын о.д.а.

Ол иһин ыал буолан баран бииргэ бултуулларын, сир астыылларын олус сөбүлүүллэр. Ону таһынан нэһилиэккэ ыытыллар араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар, ыллыылларын, үҥкүүлүүллэрин туохтааҕар даҕаны ордороллор.

Биһиги оҕобутугар дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээн, олох киэҥ аартыгар этэҥҥэ  үктэннэрэн төрөөбүт кыраайыгар туһалаах дьоһун киһи буола улаатарыгар олук уурар баҕалаахпыт. Кэргэним Владимир этэринэн, уол оҕону иитиигэ сүрүн оруолу аҕата ылыахтаах. Кини кыра эрдэҕиттэн аҕатын кытта окко-маска эрийсэн, булка-алка тэҥҥэ сылдьыһан эр киһи буоларга чочуллуохтаах. Ийэ, аҕа тапталыгар, үтүө холобуругар иитиллэн улааппыт оҕо – дьоллоох оҕо.

Биһиги соторутааҕыта бэлиэтэммит Саха сиригэр Ийэ уонна Арассыыйаҕа Аҕа күннэринэн эдэр ийэлэргэ, аҕаларга истиҥ эҕэрдэ тылларын аныыбыт.

Билиҥҥи көлүөнэлэр төрөппүттэрбит, аҕа саастаах көлүөнэлэр үтүө холобурдарын батыһан, оҕолорбутун дьоһун дьон буола, төрөөбүт дойдуларын таптыы, араҥаччылыы улааталларыгар кыһалыннахпытына, ол буолуо – сирдээҕи аналбытын ситиһии, дойбутугар ытык иэспитин толоруу.  

Сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕыҥ

Евдокия ЕГОРОВА

 

Читайте дальше