Үлэлиир төрөппүттэр оҕо 1,5 сааһыгар диэри көрөн олороллоругар төлөнөр босуобуйа 2024 сылга муҥутуур кээмэйэ 49 123 солкуобайга тэҥнэһэр. 2024 сыл олунньу 1 күнүттэн босуобуйа алын кээмэйэ 9 227 солкуобайга (оройуон коэффициена ааҕыллыбакка туран) тэҥнэһэр.
Босуобуйаны түһэрии болдьоҕо биир — үүммүт ый 8 чыыһылатыгар ыыталлар. Холобур, үлэлиир төрөппүттэр олунньутааҕы босуобуйаларын кулун тутар 8 күнүттэн хойутаппакка ылыахтара.
Икки, эбэтэр, онтон элбэх оҕо буоллаҕына, босуобуйа хас биирдиилэригэр төлөнөр. Ол эрээри, босуобуйа муҥутуур кээмэйэ хамнас 100 %-тан элбэх буолуо суохтаах.
Кыра оҕону көрөн олоруу уоппуската оҕо 3 сааһыгар диэри бэриллэр, онтон босуобуйа 1,5 сааһыгар диэри төлөнөр.
Хаһан баҕарар уоппускаттан үлэҕэ эрдэ тахсыахха сөп. Маннык түгэҥҥэ быйылгыттан хамнаһы тэҥэ, оҕо 1,5 сааһыгар диэри босуобуйа эмиэ төлөнөр буолла.
СИА