Ньукуолун күнүнэн!

Дорообо, Ньукуолун таҥара,

Дорообо, сайыммыт саҥата,

Дорообо, сайылык күнэ,

Дорообо, кэрэ кэм уйата.

Хара тыа көҕөрө чэлгийбит,

От-мас көҕөрө тыллыбыт.

Араас көтөрдөр олоҕу салгыы

Ахсаабакка айманаллар.

Тоҕо да кэрэтэй тулабыт,

Тоҕо да ырааһай салгыммыт,

Айылҕа тиллибит дьиктитэ,

Айыы сирин киэргэлэ.

Куппут-сүрбүт үөрэр-көтөр,

Ис сүрэхтэн сүргэбит көтөҕүллэр,

Олох күө-дьаа күөдьүйэр,

Оһуор үктүү оонньоохолуур.

Быйаҥ сайын кэлэрин,

Барыта этэҥҥэ буоларын,

Бэлиэ үөрүү күнүттэн

Бары айыылартан көрдөһүөҕүҥ.

Айах тутуох Аал уоту,

Баайыах ситиигэ саламаны,

Аһыах сандалыга олорон

Сахабыт төрүт аһын.

Мария Никифорова, Сордоҥноох

 

Читайте дальше