Норуот тылынан айымньытын оҕону иитиигэ туһанан

Соторутааҕыта Төрүт нэһилиэгин уһуйаанын үлэһиттэрин “Куукула көмөтүнэн тиэрдээри” диэн быыстапката кулууп дьиэҕэ тэриллибитэ улахан биһирэбили ылла.

Уһуйаан иитээччитэ Наталья Каландарованы кытта куукуларын туох сыаллаах-соруктаах тикпиттэрин, оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ хайдах туһаналларын туһунан кэпсээтэ.

Билиҥҥи кэмҥэ оҕону хайдах иитэбит диэн боппуруос  үгүс дьон иннигэр турар. Биһиги аҕыйах ахсааннаах норуот буоларбыт быһыытынан, кэнэҕэски ыччаппыт хайдах иитиллэн тахсарыттан норуот инники дьылҕата улахан тутулуктаах. Оҕо кыра эрдэҕиттэн норуот үгэстэрин, сиэрин-туомун билэн, ону тутуһа үөрэнэр буоллаҕына эрэ, кини бэйэтин норуотун олоҕун салҕааччы буолар, — диэн санаатын үллэстэр Наталья Владимировна.

Биһиги ааспыт сылтан «Олоҥхо күннэрин» чэрчитинэн Константин Оросин «Ньургун Боотур» диэн айымньытыгар олоҕуран, куукулалары тикпиппит.

Оҕону кыра сааһыттан бэйэтин омугун тылыгар-өhүгэр, төрүт култууратыгар уһуйдахха, үөрэттэххэ быдан сайдыылаах, киэҥ билиилээх буола улаатыаҕа.

Инники өттүгэр атын олоҥхолорго олоҕуран, олоҥхо дьоруойдарын өссө эбии айан-тутан, иитиллээччилэрбит билиилэрин-көрүүлэрин, саҥарар тылларын чиҥэтэн саханы саха дэтэр, кэскиллээх дьон буолалларын туһугар салгыы өссө да элбэх саҥа сүүрээни киллэрэн үлэ ыытыахпыт.

Чуолаан, фольклорунан утумнаахтык дьарыктанар биир дойдулаахпыт Елена Слепцова айбыт олоҥхотунан куукулалары оҥорон, оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ туһаныахпытын баҕарабыт.

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.

Евдокия Егорова

Читайте дальше