Раиса Маркеловна Березкина, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын туйгуна, Томтор:
-Бу — араас омуктар сомоҕо буолалларыгар дириҥ суолталаах күн.
Сомоҕолоһуу диэн биир сыаллаах, биир санаалаах буолуу ааттанар.
Биһиги Өймөкөөммүтүгэр 60-ча араас омук тоҕуоруһан олорор оройуона буолан биир сомоҕо буолуу үлэтэ күүскэ барыан наада. Манна араас идэлээх дьон олохсуйан олорор. Кинилэр улууспут сайдарын туһугар биир санаанан, сомоҕолоһон, иллээхтик олороллор.
Урукку кэмҥэ эйэ, үлэ, маай күнүгэр түмсэммит ыраастаныы үлэтигэр субуотунньуктуу тахсарбыт. Бары сомоҕолоһон үлэни кыайа тутарбыт.
Биһиги өр кэмҥэ нууччалардыын бииргэ олорон кинилэр тылларын, фольклордарын оҕо уһуйааныгар үлэлиир кэмнэрбэр өрүүтүн туһанар этибит. Тус-туспа арахсыы, мин санаабар, сатаммат.
Омук омугу кытта эйэлээх, биир санаалаах буолара сүрүн
Инна Алексеева, М.И.Заболоцкай аатынан култуура дьиэтин дириэктэрэ, Сордоҥноох:
-Бары биир сомоҕо буоллахпытына өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут чэчирии сайдарын туһугар туруоруммут сыалбытын-сорукпутун толоруохпут диэн биир дойдулаахтарбар туһаайан санаабын этэбин.
Барыгытын Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлиибин! Ситиһиилэри уонна дьиэ кэргэҥҥит, төрөөбүт дойдугут туһугар айа-тута тураргытыгар баҕарабын.
Раиса Константиновна Винокурова, сибээс бэтэрээнэ, Дьокуускай:
-Биһиги көлүөнэ дьон сэтинньи сэттистиир күнүн улахан, сүдү бырааһынньыгынан ааҕарбыт. Сэбиэскэй дьоҥҥо бу ураты суолталах күндү бырааһынньык буолара. Борис Ельцин саҕаттан сэтинньи 4 күнүн – Норуот сомоҕолууһутунан күнүн бырааһынньыктыыбыт. Олох уларыйар, биир сиргэ турбат. Бу бэлиэ күн оҕолорум, сиэннэрим сыаналыыр дааталара. Онон мин бу күнү сыдьааннарым тустарыгар ыалдьар буолан, эмиэ ылынар буоллум. Киэҥ нэлэмэн Арассыыйаҕа үгүс омук түөлбэлээн олорор. Онон бары биир сомоҕо буоллахпытына эрэ, тас дьайыыттан киирэр мөкү быһыыны утары түмсэр, күүстээх буолар буоллахпыт. Дойдум дьонун Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлээтэҕим буолуохтун.
Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Бэчээккэ Евдокия Егорова, Любовь Кривошапкина бэлэмнээтилэр.