Норуот көҕүлээһинин эбийиэктэрэ

«Төрүт дойду – Арассыыйа күүһэ» бүтүн Арассыыйатааҕы пуорумугар дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин кэлиҥҥи сылларга муниципальнай тэриллиилэр олорор сирдэрин тупсаҕай гына оҥорууга, ырааһырдыыга, саҥардыыга улахан үлэ ыыталларын бэлиэтээтэ.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар маннык тэрээһиннэри олохтоохтор бэйэлэрэ көҕүлээн тэрийэллэр. Онон сибээстээн, «Тупсаҕай көстүүлээх эйгэни оҥоруу» бырагыраамаҕа бырабыыталыстыба 20 млрд солкуобайы тыырар этэ. Быйыл бу үбүлээһин 5 млрд солкуобайынан үрдэтиллиэҕэ. Ол харчы Уһук Илин эрэгийэннэригэр ыытыллыаҕын этэн туран, бырагыраама үлэлиир болдьоҕо уһатыллыаҕа, — диэн иһитиннэрдэ Владимир Путин.


«Тупсаҕай көстүүлээх эйгэни оҥоруу» бырагыраама 2017 сылтан үлэлиир. Сэттэ сыл тухары олохтоохтор бэйэлэрэ кыттыыны ылан, бу үлэ нэһилиэктэргэ олус көхтөөхтүк ыытыллар. Бу күннэргэ олохтоох дьон көҕүлээһиннэрин өйүүр бырагыраамаҕа сайаапкалары биэрии түмүгэ таҕыста. Быйылгы куонкуруска Өймөкөөн улууһуттан сэттэ бырайыак кыайбыта билиннэ. Ол курдук, улуус баһылыгын э.т. Иван Максимов бэлиэтээбитинэн, улуус киинигэр тутуллуохтаах искибиэр, оҕо спортивнай былаһаакката, Томторго сайыҥҥы уу турбата, Үчүгэйгэ «Табаһыт искибиэрэ», Өймөкөөҥҥө нэһилиэк паарката уонна Төрүккэ «Дьиэ кэргэн искибиэрэ» саҥардыллан үлэҕэ киириэхтэрэ.


Өймөкөөн нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ Наталья Реброва бэлиэтээбитинэн, «быйыл Өймөкөөн нэһилиэгэр ыытыллар «Байаҕантай ыһыаҕа» ытык кырдьаҕас Өймөкөөн нэһилиэгэр ыһыллыаҕа. Онно элбэх ыалдьыт кэлиэхтээх. Онон нэһилиэк пааркатын тутуу – кэм ирдэбилэ».
Салгыытын «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕыҥ

Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата 

Читайте дальше