Норуот итэҕэллээхтэриттэн инники сайдыыбыт тутулуктаах

Бары билэрбит курдук, Саха сиригэр араас таһымнаах улахан быыбардар буолан аастылар.

Быыбардар түмүктэрин СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата бу күннэргэ ааҕан-суоттаан, боротокуоллары бигэргэттэ, түмүктэри таһаарда.

Онон уопсай түмүк тахсан, сыыйа барыта орун оннун булан, Сахабыт сирин үрдүкү салалтатын үлэтэ-хамнаһа саҥа састаабынан салгыы барыахтаах.

Саамай күүтүүлээх уонна долгутуулаах быыбар Саха сирин Ил Дарханын талыыга буолбута. Дьэ онно, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бары түмсэн, биир санаанан салайтаран, баһыйар куолаһынан Айсен Сергеевич Николаевы иккис болдьоххо таллыбыт. Оттон “Биир ньыгыл Арассыыйа” бэлитиичэскэй баартыйа эмиэ элбэх быыбардааччы эрэлин ылан, сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэҥҥэ баһыйар элбэх дьокутааттанна.

34 №-дээх Халыма-Индигир уокуругар киирсэр улуустар биһиги икки дьокутааттанныбыт: Сахамин Миланович Афанасьев биир мандаатынан, оттон Гаврил Николаевич Алексеев “Биир ньыгыл Арассыыйа” бэлитиичэскэй баартыйа испииһэгинэн мандаакка тигистэ. Бу олус үчүгэй ситиһии!

Аны биир дойдулаахпыт, Арассыыйа Дьоруойа Александр Гаврильевич Колесов эмиэ Ил Түмэн дьокутаата буолла. Түмүгэр, Өймөкөөн улууһа үс дьокутааттаах буоллубут диэн үөрүүлээх сонуммун Өймөкөөн дьонугар-сэргэтигэр иһитиннэрэн, үөрүүбүн үллэстэн суруйабын.

Бу дьоммут бары бииргэ сомоҕолоһон норуоппут, дойдубут туһугар биир санаанан салайтаран үлэлиэхтэрэ, наадалаах сокуоннары ылынарга күүстэрин-уохтарын ууруохтара диэн эрэл баар.

Маргарита Винокурова

Читайте дальше