Бас билиигэ нолуокка чэпчэтиинэн биэнсийэлээхтэр, инбэлииттэр, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ, үс уонна онтон элбэх сокуоннай саастарын туола илик оҕолоох төрөппүттэр сайабылыанньата суох туһаналлар.
Ол туһунан нолуок сулууспатын пресс-сулууспата суруйда.
Нолуок уорганыгар нолуок төлөөччү чэпчэтиинэн туһанарыгар кини туһунан сибидиэнньэтэ суох буоллаҕына чэпчэтиини өҥөтүн туһаммат. Ол иһин докумуоннарын нолуок сулууспатыгар илдьэн тутарыаххытын сөп.
«Налоги ФЛ» сыһыарыынан чэпчэтиинэн туһаныы туһунан киирэн көрүөххэ сөп. Бастаан «Профиль»-га киирэҕит, онтон «Льготы» диэн сигэни баттыыгыт. Нолуокка чэпчэтиини оҥорторууга саамай түргэн көмө «Личный кабинет налогоплательщика» буолар.
Хаартыска куйаар ситимиттэн ылылынна