Мүөттээх ыҥырыаны иитии Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар саҥа салаанан ааҕыллар. Биирдиилээн энтузиаст дьон өссө ааспыт үйэ 30-с сылларыгар аҕалан иитэ сылдьыбыт холобурдара баар буоллаҕына, 2010-с сыллар кэннилэриттэн эрэ анаан иитэр фермердэр тэнийэн барбыттара. Билигин киэҥ хабааннаахтык идэтийэн дьарыктанар урбаанньыт-бааһынай уонна кэтэх хаһаайыстыбалар ахсааннара 30-ка тиийдэ.
Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров ааҕарынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бытархай урбаанньыттардыын уонна кэтэхтэрдиин холбоон, барыта 100-чэ хаһаайыстыба мүөттээх ыҥырыаны иитэр. Ил Дархан Айсиэн Николаев тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы стратегическай хайысхаларын туһунан 2018 сыл ахсынньы 11 күнүгэр таһаарбыт 232-с №-дээх Ыйааҕар “ыҥырыаны иитии бородууксуйатын оҥорон таһаарыы кыамтатын улаатыннаран, 3,4 туонна мүөттэн 2024 сылга диэри 20 туоннаҕа тириэрдэр” соругу туруорбута.
“Саҥа салааҕа үлэлииргэ уустугун уонна үөһэттэн тус сыаллаах өйөбүл сыллата утумнаахтык оҥоһуллубатын аахсыбакка, Ыйаахха ыйыллыбыт кирбии болдьоҕун иннинэ толоруллубута. Ол курдук, сурукка киирэн сылдьар хаһаайыстыбалар 2022 сыл түмүгүнэн 21 361 киилэ мүөтү ылбыттара”, – диир миниистир. Сахастат дааннайынан, 2018 сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, ыҥырыа “дьиэ кэргэнэ” 347-тэн 1 145-кэ тиийдэ, хаһаайыстыба ахсаана 12-тэн 30-ка таҕыста. Бэл диэтэр, тымныы оройунан сураҕырар Дьааҥыга дьарыктанар буоллулар.
Судаарыстыба өйөбүлэ аан маҥнай 2022 с. оҥоһуллубута: мүөттээх ыҥырыаны иитэр хаһаайыстыбалар матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй базаларын тэриммит ороскуоттарын 95 бырыһыанын толуйарга анаан 20 мөл. солкуобайы ылбыттара. Ону тэҥэ “Туймаада” ҮХАБХ иһинэн агробырамыысыланнас салаатын өйүүр пуонда хаһаайыстыба тэринээччилэргэ 5 бырыһыаннаах иэс биэриитин саҕалаабыта. СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин 2021 сыл муус устар 2 күнүгэр федеральнай бүддьүөттэн субсидияны биэриини сүрүннүүр 211-с №-дээх бирикээһигэр уларытыы киллэрэн, племенной ыҥырыалары атыылаһыы ороскуотун 60 бырыһыанын толуйуу көрүллүбүтүн билиҥҥитэ ким даҕаны туһана илик.
Манан сиэттэрэн эттэххэ, Саха сиригэр мүөттээх ыҥырыаны иитии, сүрүннээн, төһө даҕаны бэйэтин дьаалатынан устан иһэр курдук буоллар, салаа 2018 сылтан сайдан кэлбит хамсааһына инникитин өссө төһө баҕарар улаатар ис кыахтааҕын, кэскиллээҕин көрдөрөр. Онуоха эрэгийиэн сирэ-уота киэҥэ итиэннэ айылҕата, тулалыыр эйгэтэ ырааһа (сир-хонуу үлэтигэр пестицид, о.д.а. химикат туттуллубатын кэриэтэ) төрүт буолаллара саарбахтаммат.
Саха сирин усулуобуйатыгар мүөт хомуура атырдьах ыйын 3-с декадатыттан саҕаланар. Ол аата мүөттээх ыҥырыаны иитэр улахан хаһаайыстыбалар мүөтү хомуйан бүтэн, тигээйилэрин кыстатар түһүмэххэ киирэллэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ тастан тигээйи араас боруодатын аҕалар буоллулар. Чуолаан, чугастыы Амур уобалаһыттан элбэхтик киллэрэллэр.
Быйыл Бүлүү улууһугар Татарстантан 100 “дьиэ кэргэни” атыыластылар. Саха сириттэн улахан дэлэгээссийэ Башкортостаҥҥа тиийэн, уопут ылан кэллэ. Онтон балаҕан ыйыгар хардары биология билимин дуоктара, дойдуга мүөтү сенсорнай анаалыстааһыҥҥа тутаах исписэлиистэртэн биирдэстэрэ Айрат Ишбирдин салайааччылаах дэлэгээссийэ кэлэ сырытта. Ол кэмҥэ Дьокуускайга М.Г. Сафронов аатынан Тыа хаһаайыстыбатын билимин чинчийэр институкка мүөттээх ыҥырыаны иитээччилэргэ анаан мүөтү сенсорнай анаалыстааһыҥҥа сэминээр ыытыллыбыта. Кууруска 7 киһи үөрэнэн, федеральнай киэптээх сенсорнай үөрэхтээһин исписэлииһэ буолбутун туоһулуур докумуону туппута. Бастыҥнар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах быыстапка-дьаарбаҥка куонкурустарыгар эксперт быһыытынан сылдьыахтара уонна саха мүөтүн хаачыстыбатын стандартын олохтуохтара.
Мүөттээх ыҥырыаны иитии биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр саҥардыы атаҕар туран эрэр салаа даҕаны буоллар, дьиэ кыылын-сүөлүн иитии быраабылаларыгар бас бэриниэхтээҕинэн, племенной репродуктордар тиһиктэрин тэрийэр-үөскэтэр инниттэн быйыл өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн тирэх хаһаайыстыбаны тэрийиигэ 5 мөл. солкуобай көрүллүбүтэ. Министиэристибэ инникитин маннык питомниктарга олоҕуран племенной базаны эрэ буолбакка, тигээйи иитээччилэри үөрэтиини, тиэхиньикэнэн хааччыйыыны тэрийэргэ былаанныыр. Ону тэҥэ “Сахаагроплем” СБТ уонна “Ас-үөл технологиятын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ” СХТ тастан киллэриллэр матырыйаал хаачыстыбатын хонтуруоллуур буолуохтара.
Министиэристибэ үөһэ ыйыллыбыт куонкурсугар сүүмэрдээһин түмүгүнэн урбаанньыт Марат Залялов (Дьокуускай) 200 “дьиэ кэргэни” кыстатар дьиэни уонна 4 комплексы тутар бырайыагынан кыттан, кыайда. Марат Рафаилович өрөспүүбүлүкэҕэ мүөттээх ыҥырыаны иитээччилэртэн биир бөдөҥнөрүн уонна саҥа саҕалааччылары үөрэтэр, уопуттаахтар идэлэрин үрдэтэр урбаанньыт быһыытынан биллэр. Кини 2022 сыл иһигэр ыҥырыатын 30-тан 150 “дьиэ кэргэҥҥэ” диэри элбэтэри ситиспитэ.
Урбаанньыт М.Р. Заляловтыын тэҥнэһэр кыахтаах кэтэх хаһаайыстыбалаах Евгений Поличко (Дьокуускай) эрэ баар. Ол эрээри, Поличко хаһаайыстыбатыгар тигээйитин “дьиэ кэргэнин” ахсаана эбиллибэтэх: сыл саҥатыгар 150 баара оннунан хаалбыт. Тыа сириттэн Амма улууһугар ордук киэҥник тарҕаммыт: 5 урбаанньыт-бааһынай 34-тэн 55-кэ, 3 кэтэх хаһаайыстыба 17-тэн 22-кэ диэри кэҥэппиттэр. Ити гынан баран, улуустар ортолоругар “дьиэ кэргэнин” ахсаанынан Намы баһыйар суох. Манна 1 урбаанньыт уонна 3 урбаанньыт-бааһынай иитэр “дьиэ кэргэттэрин” 230-тан 269-ка диэри эптилэр. Оттон сурукка киирбэтэҕинэн (эрэгистирээссийэлэммэтэҕинэн) киин куораты куоһарар суох: бааһынай хаһаайыстыбаларга уонна урбаанньыттарга 890 “дьиэ кэргэн” (сыл саҥатыгар 586 этэ) кыстаан турарын туһунан сибидиэнньэ баар. Ыаллыы сытар Сатай ыаллара даҕаны хаалсыбаттар, 208-тан 217-ҕэ тириэртилэр.
Онон, күлүккэ сылдьааччылар уот иннигэр таҕыстахтарына, мүөттээх ыҥырыаны иитээччилэр ахсааннара даҕаны, мүөтү оҥорон таһаарыы кээмэйэ даҕаны балачча эбиллэригэр ис кыах улахан. Хата, Саха сирин олохтоохторо ону барытын ситэн сиэбэппит илэ. Бренд оҥорон таска батарыы, атын эрэгийиэннэргэ, омук дойдуларыгар таһаарыы кыһалҕата тириирэ бу кэлбит эбит.
Василий Никифоров