Мин киэн туттар учууталым

Мин Г.А. Кривошапкин-Дьоруой Дьарааһын аатынан Төрүт орто оскуолатыгар 11-с кылааска үөрэнэбин. Биһиги кылааспытыгар бэһиэбит. Кылааспыт салайааччытынан Елена Анатольевна Слепцова 5-с кылаастан ыла үлэлии сылдьар.  

Кини биһиэхэ истиҥ сыһыана, таптала, үөрэтиитэ ураты уонна истиҥ.

Учууталбыт бу кэм устата биһигини элбэххэ үөрэттэ. Кини биһигини куруутун өйдүүр уонна сөптөөх суолу ыйан биэрэр.

Биһиги айылҕалыын чугастык алтыһабыт, тыаҕа бары бииргэ походтуу барабыт. Ону тэҥэ оскуолаҕа ыытыллар хас тэрээһин аайы тэҥҥэ бэлэмнэнэбит, кини биһигини ырыаҕа-үҥкүүгэ, фольклорга сыһыарда.

Күндүтүк саныыр учууталбын Елена Анатольевнаҕа уонна бары учууталларга махтал тылбын этиэхпин баҕарабын. Дьоллоох, доруобай буолуҥ!

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.

Кристина Березкина,11-с кылаас, Төрүт

Читайте дальше