Мэлдьи эдэр «Катюша»

Улуу Кыайыыны аҕалсыбыт, уһансыбыт, аан дойду үрдүнэн биллэр, аатырар ырыанан «Катюша»  буолар. Бу ырыаны 1938 сыллаахха поэт Михаил Исаковскай уонна композитор Матвей Блантер айбыттара.

Ити сыл сэтинньитигэр Москваҕа Союзтар Дьиэлэрин Колоннай саалатыгар буолбут кэнсиэргэ аан маҥнай «Катюшаны» эдэр ырыаһыт Валентина Батищева оркестр тыыннаах доҕуһуолунан толорбута. Сотору «Катюшаны» дойду бүтүннүүтэ таптаан ыллыыр буолбута. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии сылларыгар бу ырыа өстөөҕү кыайар туһугар бүтүн советскай норуоту бииргэ сомоҕолообута, түмпүтэ.

Аан дойду үгүс государстволарыгар — АХШ, Китайга, Германияҕа, Францияҕа, Италияҕа, Грецияҕа, Сербияҕа, Японияҕа — бу дойдулар тылларыгар тылбаастаммыта.

Кэлин ырыаны айбыт поэт Михаил Исаковскай уонна композитор Матвей Блантер Ийэ дойдуларын иннигэр үтүөлэрин иһин бастакы уонна иккис степеннээх Сталинскай бириэмийэнэн наҕараадаламмыттара, итиэннэ кинилэргэ Социалистическай Үлэ Геройун үрдүк аата иҥэриллибитэ.

Оттон норуот таптаан ыллыыр «Катюшатын» сахалыы тылбаастаабыт киһинэн Россия Журналистарын союһун чилиэнэ, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Михаил Капустин буолар. Кини бэйэтэ ахтарынан, 1940 сыл сааһыгар,  оччолорго «Эдэр бассабыык» хаһыат эдэр кэрэспэдиэнэ, хаһаайыстыбалар ыһыыга бэлэмнэрин сырдатар сорудахтаах өрүс уҥуор «Тахсыбыт сардаҥа» диэн колхозка тахсыбыт. Кыргыттар-уолаттар күүстээх үлэ кэнниттэн киэһэ аайы кыракый кулууптарыгар мунньустан көр-нар бөҕөнү тардар эбиттэр.

Биир киэһэ куораттан тахса сылдьар кыыс норуокка биллэр «Катюша» диэн ырыаны нууччалыы, киһи эрэ барыта кэрэхсиир гына ыллаан иһитиннэрбит. “Бу ырыаны Дьокуускайга уонна да атын сиргэ ыччаттар таптаан ыллыыр буоллулар” диэбит. Итиэннэ ырыаны сахалыы тылбаастыыр киһи көстөр ини, диэбит. Ону мустубут дьон: «Хата, бу комсомольскай хаһыат үлэһитэ кэлэ сылдьар, киниэхэ ырыаны тылбаастыырыгар көрдөһүөҕүҥ. «Катюшаны» сахалыы ыллыыр наһаа да үчүгэй буолуо этэ, оҕолоор», – дэспиттэр.

Онуоха биир саастыылаахтарыгар Михаил Капустин: «Көрдөһүүгүтүн толоро сатыам», – диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалбыт.

Дьокуускайга кэлээт, уол киэһэ үлэтин кэнниттэн «Катюшаны» сахалыы тылбаастаабытынан барбыт. Дьэ, ити курдук, 1940 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр «Катюша» тылбааһа күн сирин көрбүтэ.

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии саҕаламмытыгар саха хорсун саллааттара сэрии хонуутугар ырыа сахалыы тылын бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьан, сэрии быыһыгар ыллаан, дойдуларын санаан, күүс-уох, сэниэ ылаллара, диэн ахтар Михаил Капустин. «Кыым» хаһыат оччотооҕу үлэһитэ Анна Ивановна Тимофеева саллааттар көрдөһүүлэринэн ырыа сахалыы тылбаастаммыт 20-чэ экземплярын машинкаҕа бэчээттээн байыаннай чаастарга ыыппыт.

«Ол кэмҥэ тылбаастыырга улахан ирдэбил баара, тылыттан тылыгар туһэрэн тылбаастыыллара.  Оттон мин ис хоһоонун хайдах баарынан тылбаастыахпын  дьулайбытым», — диэн билинэн туран, кини кэлин, 60 сылынан, тылбааһын ис хоһоонун иккистээн тилиннэрбитэ. «Ырыаҕа ылланарын курдук тапталтан ордук таҥара суох, таптал киһини үрдүк чыпчаалга тиэрдэр, сырдыкка угуйар», — диэн санаатын эппитэ кини.

Михаил Дмитриевич Капустин — кырдьаҕас көлүөнэ суруналыыстартан биирдэстэрэ, умнуллубат суолу-ииһи хаалларбыт хаһыатчыт. Кини Бүлүү улууһуттан төрүттээх. Кылгас кэмҥэ Үөһээ Бүлүүгэ учууталлаабыта, Бүлүүгэ райкомолга үлэлээн ааспыта. Бүлүү, Таатта, Усуйаана оройуоннарын хаьыаттарыгар 10-тан тахса сыл, онтон «Кыымна» 27 сыл үлэлээбит СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

Катюша

Михаил Исаковскай тыллара, Матвей Блантер муусуката

Михаил Капустин сахалыы тылбааһа

Яблонялар, грушалар ситтилэр,

Устан киирдэ туман өрүскэ.

Катюша кыыс эмпэ сыыр үрдүгэр

Тахсан турда, сирэм күөх окко.

Тахсан турда, ырыатын анаата

Хорсун хотой саллаат уолугар.

Сүрэх үөрэр, суруктары ыытар

Күүтэр күндү доҕорун ахтан.

Оо, эн ырыа, кыыс кэрэ ырыата

Чаҕыл күннүү сиэттиһэ көтөн,

Ыраах границаҕа биир байыаска

Катюшаттан эҕэрдэтэ тиэрт.

Ол ырыалыын кыыс оҕо мичээрэ

Уолу үөрдэн бу көстөн кэллэ.

Ийэ сирин түһэн биэриэ суоҕа,

Онтон кыыһа таптал тыллыытын.

Яблонялар, грушалар ситтилэр

Устан киирдэ туман өрүскэ.

Катюша кыыс эмпэ сыыр үрдүгэр

Тахсан турда сирэм күөх окко.

Эрэдээксийэ