Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн улууһун ытык киһитин Николай Осипович Кривошапкин-Ньукулай Оҕонньор аатын биир дойдулаахтара дорҕооннохтук ааттаан, быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар дьоһуннаахтык чиэстээбиттэрэ — Өймөкөөн нэһилиэгэр кини олорбут дьиэтигэр мусуой-балаҕан арыллыбыта.
Улуус 100 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, улуустааҕы дьаһалта Өймөкөөн улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар уһулуччу үтүөнү оҥорбут киһиэхэ анаан Өймөкөөн I гильдиялаах меценат-атыыһыта Николай Осипович Кривошапкин аатынан анал Бочуоттаах бэлиэни олохтообута. Бу суолталаах наҕараада «Өймөкөөн улууһа (оройуона)» МТ баһылыгын 2020 с. муус устар 28 күнүгэр 54 №-дээх ыйааҕынан бигэргэммитэ.
Улуус баһылыга 2020 сыл ахсынньы 9 күнүнээҕи 173 №-дээх ыйааҕынан бу суолталаах бэлиэнэн Өймөкөөн улууһун чопчу төрүттэммит сылын чуолкайдааһыҥҥа оҥорбут кылаатын, төрөөбүт улууһун историятыгар утумнаахтык үлэлэһэрин уонна Тымныы полюһа Өймөкөөн духуобунай сыаннастарын тилиннэриигэ уонна бигэргэтиигэ дьоһуннаах үлэни ыытарын бэлиэтээн туран, меценат-атыыһыт Николай Осипович Кривошапкин аатынан анал бочуоттаах бэлиэни улуус историятыгар аан бастакынан кыраайы үөрэтээччи, оройуоҥҥа туризм сайдыытыгар инники күөҥҥэ сылдьар Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕор Тамара Васильеваҕа туттарбыттара. Онон Тымныы полюһун олохтоохторо аатырбыт биир дойдулаахтарын аатын чиэстээхтик инники күөҥҥэ тутан илдьэ иһэллэр.
Ол эрээри Ньукулай Кырбаһааҥкын халыҥ хаан-уруу аймахтара быйылгы сылга диэри түмсүбэккэ сылдьыбыттара. Ол эмиэ өйдөнөр. Н.О. Кривошапкин үстэ кэргэннэммитэ эрээри, бэйэтиттэн оҕото суоҕа. Ол эрээри бииргэ төрөөбүттэрин оҕолоро үгүстэр. Кинилэр сэбиэскэй былаас саҕана репрессияттан сылтаан, бэйэлэрин араспаанньаларын уларытарга, төрүттэрин кистииргэ күһэллибиттэрэ. Халыҥ Кырбаһааҥкын аймах халыҥаан, кэлиҥҥи сылларга Ньукулай Оҕонньор сыдьааннарын силиһэ-мутуга биллэ тэнийдэ. Онон Кырбаһааҥкыннар халыҥ аҕа уонна ийэ ууһунан түмсэн, билсэн эрэллэрэ хайҕаллаах суол. Бастакынан түмсэр суолу Томторго олорор Ньоргул аҕа ууһуттан төрүттээх дьон тэлбитэ. Быйылгы Олоҥхо Ыһыаҕар улуус нэһилиэктэриттэн, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан, Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн кэлбит Ньукулай Оҕонньор чугас аймахтара бэйэ-бэйэлэрин кытта Өймөкөөҥҥө тиийэн, мусуой-балаҕаҥҥа көрсөн, билсэн ааспыттара.
Ол кэннэ халыҥ аймаҕы түмэр соруктаах бассаап бөлөх аһан, аймахтары сомоҕолуур түмсүү тэринэн, дириҥ ис хоһоонноох үлэни ыытарга туруннулар.
Эһиил, 2024 сылга, Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн нэһилиэгэр былыргы Байаҕантай улууһун нэһилиэктэрин сэттис ыһыахтара ыытыллыаҕа. Бу тэрээһин ол онно бэлэмнэнии соруктаах барда.
Сүбэ мунньахха Ньукулай Кырбаһааҥкын бииргэ төрөөбүттэрин сыдьааннара көрсөн санаа атастастылар. Ньургул, Өндөлөөт, Тыыллар, Хойохо аҕа уустарыттан төрүттээх орто уонна аҕа саастаах дьон бэрт кэскиллээх санаалары эттилэр. Тэрээһини Өндөлөөттөртөн төрүттээх Александр Кривошапкин-Сыдьаан уонна кини кэргэнэ, алгысчыт Лилия Захаркина-Төлкө (Таатта Хаарбалааҕыттан төрүттээх) көҕүлээтилэр. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бу сүбэ мунньахха Кырбаһааҥкыннар аймах бэрт элбэх хаартыскалары, аймахтарын туһунан суруна, үөрэтэ сылдьар тэтэрээттэрин аҕалан билиһиннэрдилэр.
Араас бэрт кэрэхсэбиллээх этии киирдэ. Холобур, Хойохо аҕа ууһуттан төрүттээх, байыаннай биэнсийэлээх, астаапкаҕа олорор подполковник, билигин биллэр урбаанньыт Лариса Кривошапкина, Тыыллар аҕа ууһуттан төрүттээх уопсастыбанньык Агафья Макарова Н.О. Кривошапкин искибиэрин оҥорорго этии киллэрдилэр уонна бу үлэни бэйэлэринэн сүрүннүөх буоллулар.
Кэпсэтии түмүгүнэн Дьокуускай куоракка олорор Ньукулай Кырбаһааҥкын аймахтарын сэбиэтэ тэрилиннэ. Онно Ньургул, Өндөлөөт, Тыыллар, Хойохо аҕа уустарыттан бэрэстэбиитэллэр киирдилэр. Саҥа тэриллибит сэбиэт киин куоракка Н.О. Кривошапкин аатынан үбүлээһин пуондатын аһыы, меценат-атыыһыт искибиэрин туруорсуу, Дьокуускайдааҕы 5 №-дээх орто оскуоланы уонна Өймөкөөн орто оскуолатын кытта (бу икки оскуола Н.О. Кривошапкин аатын сүгэллэр) ыкса сибээһи тутуһуу, олунньуга Ньукулай Оҕонньор төрүччүтүгэр анаммыт анал кэмпириэнсийэни ыытыы, ыам ыйыгар Урбаанньыт күнүгэр Саха сирин урбаанньыттарын “төгүрүк остуолун” ыытыы курдук этиилэри киллэрдилэр, ырыттылар.
Онон Ньукулай Кырбаһааҥкын сыдьааннара бэйэлэрэ бэлиэтээбиттэрин курдук, “Сомоҕолоһуу күнүгэр Өймөкөөн аатырбыт 1-кы гильдиялаах атыыһыта Н.О. Кривошапкин халыҥ аймахтарын сомоҕолуур суолталаах тэрээһин анаан Үөһэттэн ыйдаран ыытылынна, кэскиллээх үлэ барыла торумнанна».
Елена Потоцкая