Бу күннэргэ Томтор нэһилиэгэр “Рабочай” түөлбэҕэ саҥа хочуолунай үлэҕэ киирэн, нэһилиэк кииниттэн ыраах Эбэ Хайатын аттыгар олорор ыаллар итиинэн толору хааччылыннылар.
Сытыы боппуруоһу олохтоохтор ситэриилээх былаас бары таһымыгар туруорсубуттара быданнаата. Бырабыыталыстыба отчуотун аайы тустаах Боротокуолга киирэр кыаллыбат боппуруос быйыл дьэ быһаарылынна.
“Теплоэнергосервис” ХЭУо Өймөкөөн улууһунааҕы филиалын салайааччыта Максим Ямщиков иһитиннэрбитинэн, саҥа хочуолунайга 29 чааһынай дьиэ холбонно. Бу дьиэлэри холбуурга 7,5 км ититэр ситим турбата тардылынна.
Арассыыйа тэрилинэн таҥылынна
Тэрилтэ салайааччыта быйылгы кыстыкка киирии туһунан санаатын үллэһиннэ.
— Хочуолунай Арассыыйа эрэгийиэннэригэр оҥоһуллубут тэрилинэн таҥылынна. Ититэр ситимнэри тутууга, турба тардыллыытыгар олохтоохтор баҕа санаалара учуоттанна. Хочуолунай 2,4 гКал/чаас кыамталаах, үс уу сылытар хочуоллаах. Ититии ситимин изоляцията үчүгэй. Онон хаачыстыбалаах оҥоһуулааҕа, номнуо бу күннэргэ тымныы түһэн, биллэн эрэр, – диэн бэлиэтиир тэрилтэ салайааччыта Максим Ямщиков.
Чоҕунан хааччыллыы үчүгэй
Биллэн турар, Тымныы полюһун олохтоохторун быйылгы кыстыкка чоҕунан хааччыллыы хайдаҕа интэриэһиргэтэр. Бу туһунан “Теплоэнергосервис” ХЭУо Өймөкөөн улууһунааҕы филиалын салайааччыта Максим Ямщиков маннык кэпсиир:
— Бүгүҥҥү күҥҥэ Тымныы полюһун хочуолунайдара чоҕунан толору хааччыллан олороллор. Ол курдук, Уус-Ньара хочуолунайдарыгар 17 тыһыынча туонна уонна нэһилиэктэргэ 11 тыһыынча туонна тиэллибитэ. Онон чоҕу таһыыга былааны аһара толоруу бэлиэтэммитэ. Чохпут саппааһа эһиил саас бүтүөр диэри суоттаммыта. Кыһыҥҥы суол аһыллаатын кытта ахсынньыга чоҕу Дьабарыкы Хайаттан тиэйбитинэн барыахпыт. Кытаанах оттугу тиэйии былаана урутаан иһэрэ – Тымныы полюһугар олорор дьоҥҥо эрэли үөскэтэр.
Үлэһит илии тиийэр
Билигин ититии сезонун саҕана үлэһиттэр төһө тиийэллэрин ыйыталастыбыт. Онуоха салайааччы маннык хоруйдаата:
— Биһиги кэлэктииппитигэр эдэр исписэлиистэргэ бэйэлэрин баай уопуттарын үллэстэр дьон үлэлииллэр. Биллэн турар, кэлиҥҥи кэмҥэ үлэ усулуобуйата үчүгэй өттүгэр уларыйар буолан, ыччат дьон хото үлэлии кэлэр. Эргэ тэрил хочуолунайдарга саҥанан солбуллан иһэр. Хоту дойдуга аныгы тэрилинэн үлэлиир хочуолунай ахсаана элбээн, анал идэлээх исписэлиис үгүс. Ол курдук, дьоҕурдаах инженердэр ахсааннара элбиирэ хайҕаллаах суол.
… Ити курдук, аан дойдуга тымныытынан аатырар Өймөкөөн улууһа быйылгы кыстыкка толору бэлэмнээх киирдэ.
Өймөкөөн улууһун пресс-сулууспата