Бүгүн Кыайыы күнүгэр
Эһэлэрбин саныыбын,
Кинилэр баар буоланнар
Бу күнү көрсөбүт.
Алдьархай ааҥныыр кэмигэр
Көмүс ньээкэ уйаларын,
Оҕолорун, дойдуларын
Көмүскүү туруммуттара кинилэр.
Хара фашист дьайыттан,
Кини сиэмэх быһыытыттан
Киһи-аймаҕы харыстаан
Сэриилэспиттэр дьоннорум.
Курскай дуга хапсыһыытыгар
Таанка иһигэр умайа сыһан
Улаханнык бааһырдар даҕаны,
Тыыннаах хаалбыт биир эһэм.
Бүтүн дойдуларын босхолоһон,
Праганан, Варшаванан,
Европаны нөҥүөлээн
Берлиҥҥэ тиийэн кэлбиттэр.
Бүгүн кинилэри санааммын,
Кырдьаҕас дьоммутун чиэстээн,
Бу күнү уруйдаан,
Махтал тылларын тиэрдэбин.
Айгыына Скрыбыкина,
Сордоҥноох