Лоокуут оруолугар — Өймөкөөн ыччата

Саха сэбиэскэй суруйааччыта Тимофей Сметанин суруйан хаалларбыт “Лоокуут уонна Ньургуһун” диэн сүдү айымньыта киинэ буолан дьон дьүүлүгэр таҕыста.

Бу киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут биһиги биир дойдулаахпыт, Томтор нэһилиэгиттэн төрүттээх  Василий Белолюбскай буолар. Кини Саха тыйаатырыгар артыыһынан үлэлээбитэ номнуо үһүс сылыгар барда.

Эдэр киһи оскуола  кэнниттэн Дьокуускайга АГИКИ драматическай тыйаатыр уонна киинэ артыыһын салаатыгар туттарсан киирбитэ. Үөрэҕин 2020 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.

Василий “Лоокуут уонна Ньургуһун” хартыынаҕа сүрүн оруолга артыыс көрдүүллэрин  эрдэ истэн, киинэни устар режиссеру кытары билсэргэ санаммыта. Бу хардыыта, көстөрүн курдук, кини артыыс быһыытынан дьылҕатыгар улахан суолталаах буолла. Бу күннэргэ “Лоокуут уонна Ньургуһун” киинэни олус элбэх киһи сэргээн көрдө уонна өссө да көрүө турдаҕа.

Бу туһунан “Хотугу сардаҥа” хаһыакка сиһилии ааҕаарыҥ.

Ольга Скрыбыкина

Читайте дальше