Кырачаан кэрэчээнэлэр биһирэбили ыллылар

«Тымныы полюһугар айан» кыһыҥҥы туризм бэстибээлин чэрчитинэн Томторго “Мини-Мисс Полюс Холода” кырачаан кыргыттар куонкурустара ыытыллыбыта.

Куонкуруһу Сордоҥноох нэһилиэгин М.И. Заболоцкай аатынан култуура дьиэтэ тэрийэн ыытта.

Манна 4-6 уонна 7-12 саастаах кыргыттар кытыннылар: Өймөкөөн улууһуттан 9 кыыс уонна Томпоттон — биир.

Кинилэр улахан сценаҕа көрүөхтэн кэрэ көстүүлээх национальнай көстүүмнээх таҕыстылар. Маны тэҥэ улахан кыргыттартан итэҕэһэ суох авангарднай таҥастаах, киэһээҥҥи мааны былаачыйалаах хааман-сиимэн көрөөччү биһирэбилин ыллылар. Талааны көрдөрүү түһүмэҕэ көрөөччү болҕомтотун тарта.

Дьүүллүүр сүбэ номинациялары маннык быһаарда:

4-6 саастаах кыргыттарга:

Тымныы полюһун Мини-мисс аатын Айхаана Лиханова (Өймөкөөн) ылла.

Тымныы полюһун Вице-мини-мисс аатыгар Кристина Булдакова (Өймөкөөн) тигистэ.

“Авангард” мини-мисс – Саина Сивцева, Үчүгэй;

“Талаан” мини-мисс – Алина Винокурова, Орто-Балаҕан;

7-12 саастаах кыргыттарга:

Тымныы полюһун Мини-мисс аатын Аделина Ядреева (Томтор) ылла.

Тымныы полюһун Вице-мини-мисс аата уонна көрөөччү биһирэбилэ Айсена Кривошапкинаҕа (Уус-Ньара) тигистэ.

“Фотомодель” мини-мисс – Джулия Павлуцкая, Төрүт;

“Оригинальность” мини-мисс – Ангелина Березкина, Хаандыга;

“Грация” мини-мисс” – Арина Андросова, Томтор.

Тэрийээччилэр куонкурус спонсордарыгар Эльза Скрыбыкинаҕа, Роза Макароваҕа, Юлия Запиваловаҕа сыаналаах бириистэри туруорбуттарын иһин барҕа махталларын тиэрдэллэр.

Любовь Кривошапкина

Читайте дальше