Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, кыраайы үөрэтээччи Роза Тимофеевна Дягилева быйыл төрөөбүт дойдуну таптыыр, ааспыт олоҕу сэҥээрэр дьоҥҥо-сэргэҕэ күндү бэлэх оҥордо.
Ол курдук кини “Таптыыр Өймөкөөнүм историятын үйэтитээри” диэн саҥа кинигэтэ Томтор нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын Алексей Винокуров үбүлээһининэн, 100 экземплярынан бэчээттэнэн таҕыста. Өймөкөөннөөҕү бибилэтиэкэ комплектование салаатын сэбиэдиссэйэ Надежда Литвинцева кинигэ ис туругун тиэмэлэринэн сааһылаан, көмпүүтэргэ таҥан көмөлөстө, хомуйан оҥордо.
Розалия Тимофеевна суруйааччы Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан кыраайы үөрэтэр түмэли тэрийэн үлэлэтиэҕиттэн олохтоох кырдьаҕастары сирэй көрсөн, ааспыт олох чахчыларын туоһулаһан, ахтыыларын сурунан ылар идэлээҕэ. Кини Саха сирин араас муннуктарыгар сылдьан, өрөспүүбүлүкэ түмэллэрин үлэһиттэрин кытта алтыһан сахалыы иһиттэн саҕалаан, улуус биллэр дьонугар, кэрэ айылҕатын көрдөрөр үгүс матырыйаалларыгар тиийэ хомуйан, толору экспонаттаах, хас да эбийиэктээх (суруйааччы Н.М. Заболоцкай дьиэтэ, саха былыргы олоҕун көрдөрөр балаҕана, улуус айылҕатын, кыылларын билиһиннэрэр балаҕан, Эбэ хайатыгар Чысхаан резиденцията, Үрэх Төрдүгэр саха улуу суруйааччыта Өксөкүлээх Өлөксөй туруорбут сэргэлэрэ, тохтоон олорон ааспыт балаҕана) сыалай комплекс оҥорон таһаарбыта.
Роза Тимофеевна Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөҥҥө сырыытын историятын сөргүтүүгэ үтүмэн үлэни ыыппыта. Кини суруйааччы сыдьааннарын кытта билсэн, ыҥырсан, Өймөкөөнү кытта сибээһи олохтуурга үүнэр көлүөнэ ыччакка улахан өҥөнү оҥорбута биллэр. Киэҥ далааһыннаах үлэни ыытар буолан, Өймөкөөн улууһа, Томтордооҕу кыраайы үөрэтэр түмэл бүтүн Арассыыйаҕа тиийэ билиниини ылбыта. Дэлэҕэ да 2012 с. өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бастыҥ түмэлинэн ааттаныа дуо.
Тымныы полюһугар – Өймөкөөҥҥө кэлэр ыалдьыттар, туристар мусуой үлэтин, экспонаттарын көрөн сөҕөн-махтайан барааччылар. Р.Т. Дягилева төһө даҕаны бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор, кыраайы үөрэтэр таптыыр дьарыгын хаалларбат. Оройуон хаһыатыгар кини ыстатыйалара тиһигин быспакка бэчээттэнэллэр. 2022 с. “Өймөкөөн үрүҥ уонна кыһыл будулҕаныгар” диэн ыстатыйатынан кыраайы үөрэтиигэ “Чолбон” сурунаал Алампа аатынан бириэмийэтин лауреата буолбута. Роза Тимофеевна “Өймөкөөн олоҥхоһуттара” диэн бастакы кинигэтэ 2009 с. бэчээттэнэн тахсыбыта. Бу чаҕылхай таһаарыы тыл үөрэхтээхтэрэ, фольклору, төрөөбүт тылы биһириир дьон сөбүлээн туһанар кинигэлэрэ буолбута.
Роза Тимофеевна өр сыллар тухары муспут матырыйаалларын, ыстатыйаларын түмэн, “Таптыыр Өймөкөөнүм историятын үйэтитээри” диэн ааттаан хомуурунньук оҥорон таһаарбыта кэрэхсэбиллээх.
Ааптар тыла хомоҕой буолан, олус интэриэһинэй кэпсээннэри, история чахчыларын, дьон ахтыыларын ааҕааччы биир тыынынан, умсугуйан туран ааҕар. Бу – баай, дириҥ ис хоһоонноох, төрөөбүт улууспут историятын сырдатар дьоһуннаах үлэ.
Амгира Спиридонова, Татьяна Белолюбская, Томтордооҕу модельнай бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ