Күндү Өймөкөөн улууһун оскуолаларын бүтэрэр выпускниктар!

Ытыктабыллаах учууталлар уонна төрөппүттэр!

Эһигини оскуола кэмин саамай умнуллубат Бүтэһик чуораан бырааһынньыгынан, оскуолатааҕы кэм түмүктэниитинэн эҕэрдэлиибин!

Бүтэһик чуораан – бу үөрүүлээх уонна эмиэ да курус, долгутуулаах уонна күүтүүлээх бырааһынньык. Сотору кэминэн Өймөкөөн оройуонун выпускниктарыгар сырдык олоххо үктэниини бэлиэтиир чуораан тыаһаан, эһиги аны оскуола оҕолоро буолбатаххытын бигэргэтиэҕэ. Аны баартаҕа олоруоххут, үөрэх кинигэтин арыйаххыт суоҕа. Эһиги иннигитигэр аны Олох кинигэтэ арыллыаҕа. Онно эһиги бииртэн биир кинигэ сирэйин арыйан, саҥаны, сонуну, олус туох эрэ күндүнү, саҥаны, сырдыгы билэн барыаххыт уонна олоххутунан дуоһуйа олоруоххут. Ханна да сырыттарыгт, тугу да ситистэргит, эһигини иитэн-такайан таһаарбыт учууталларгытын, күндү төрөппүттэргитин умнумаҥ.

Учууталларга үөрэппит оҕолоргутугар бары кыаххытын биэрэн, кинилэри сырдык аартыкка кынаттаабыккытыгар, төрөппүттэргэ – оҕолоргутугар сүрэххит сылааһыттан бэрсэн, үтүөҕэ уонна кэрэҕэ уһуйбуккутугар истиҥ махтал буоллун!

Күндү выпускниктар! Өрүү бука барыгыт бүгүҥҥүгүт курдук дьоллоох буолуҥ. Таптыыр идэҕитин таба талан, төрөөбүт Өймөкөөҥҥүтүн сайыннара кэлээриҥ! Барыгытыгар холобур буола сылдьыҥ, төрөөбүт дойдугутун дорҕоонноохтук ааттатыҥ. Биһиги эһигинэн киэн туттабыт уонна эһиэхэ ыраас эйэлээх халлааны, кытаанах доруобуйаны баҕарабыт!

«Өймөкөөн   улууһа»   МТ  дьаһалтата

 

Читайте дальше