Күндү Өймөкөөн улууһун ийэлэрэ, эбээлэрэ!

Эһигини, далбар хотуттары, иэримэ дьиэ иэйэхситтэрин, алаһа дьиэ аанньалларын, тутаах дьонун Ийэ күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Бу кэрэ күн эһиэхэ тапталгыт уонна кыһамньыгыт, алаһа дьиэҕитин киһи кута-сүрэ тохтуур тупсаҕайдык тэрийэргит, инники олоҕу түстүүргүт уонна оҕолоргутун киһилии сиэрдээх гына иитэн таһаараргыт иһин барҕа махталбын тиэрдэбин. Эһиги түбүктээх күҥҥүт түмүктээх буоллун. Бука барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, нус-хас олоҕу баҕарабын!

Александр Иванов, «Өймөкөөн улууһа» МТ баһылыгын э.т.

Читайте дальше