Күндү Өймөкөөн сирин олохтоохторо!

Ыам ыйын 9 күнэ биһиги дойдубут хас биирдии олохтооҕор дириҥ өйдөбүллээх. Бу күн биһиги сэрии толоонугар кыргыспыт хорсун сэрииһиттэр, тыылга килбиэннээхтик үлэлээбит аҕа көлүөнэ дьон үтүө ааттарыгар сүгүрүйэбит. Кинилэр Ийэ дойдубутун эрдээхтик көмүскээбиттэрэ, Кыайыы өрөгөйүн бүтүн аан дойдуга аҕалбыттара.

Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар тыынын билбэтэх ыал биһиэхэ суох. Саха сирин олохтоохторо, оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ, Кыайыы туһугар күүрээннээх үлэҕэ туруммуттара.

Бүтүн аан дойду историятын хаамыытын уларыппыт, киһи аймах дьылҕатыгар бүтүннүү дьайбыт Улуу Кыайыы суолтата намтаабат, дьон өйүгэр-санаатыгар ытык өйдөбүл буолан ыччаттан ыччакка бэриллэн иһэр.

«Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» диэн үрдүк тыл үйэлэри уҥуордаан, кэнэҕэс кэнчээри ыччат сүрэҕин-быарын сылааһыгар киирэн, килбиэннээх аҕа көлүөнэ кырдьыктаах дьыалаларын санатан, саҥаттан саҥа кыайыыларга сирдии турдун!

Күндү бэтэрээннэрбит олорон ааспыт олохторун холобурунан биһиги сомоҕолоһон, күүспүтүн холбоон, туруоруммут сорукпутун олоххо киллэриэхпит, сыалбытын ситиһиэхпит, төрөөбүт улууспутун сайыннарыахпыт!

Күндү улууспут олохтоохторо! Эһиэхэ барыгытыгар чөл туругу, нус-бааччы уһун олоҕу, ыраас халлааны, эйэни, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!

“Өймөкөөн улууһа” муниципальнай тэриллии дьаһалтата

 

Читайте дальше