Күн-дьыл билгэтэ: муус устардааҕы халлаан дьыбарынан тыынар, сааһы аҕаларга ыксаабат

Иркутскайдааҕы Гидрометкиин исписэлиистэрэ ыйдааҕы билгэлээһини оҥорбуттарынан, Саха сиригэр муус устарга халлааммыт хайдах быһыыланыай? Хас биирдии туһааннаах сиргэ салгын ыйдааҕы орто температуратын уонна төһө сөҥүү түһүөҕүн тустарынан сибидиэнньэлэр миэстэтигэр баар метео-ыстаансыйалар дааннайдарыгар олоҕураллар. Ол гынан баран, синоптиктар билиҥҥитэ ыйдааҕы күнү-дьылы билгэлиир бигэ ньыма суоҕунан, манна суруллубуту сабаҕалааһын эрэ курдук ылынаргытыгар сүбэлииллэр.

Киин улуустар арҕаа эҥээрдэригэр (Дьокуускай, Нам, Бэрдьигэстээх, Иһит, Сангаар). Салгын ыйдааҕы орто температурата -2, -4 кыраадыс, ол элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүттэн 2 кыраадыһынан үрдүк. Түүнүн ый бастакы биэс хонугар -11, -16, онтон салгыы -6, -11, бэһис биэс хонукка -4, -9, бүтэһик биэс хонукка +2, +7 кыраадыс, күнүһүн 0,-5, бэһис биэс хонукка +3, +8, бүтэһик биэс хонукка +6, +11 кыраадыс.

Ый устатыгар 2-14 мм сөҥүү түһүө, ол элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүттэн аҕыйах уонна онно тэҥ соҕус. Хаар ый иккис уонна үһүс уон хонуктарыгар түһэрэ сабаҕаланар.

 Киин улуустар илин эҥээрдэригэр (Амма, Чурапчы, Ытык Күөл, Бороҕон). Салгын ыйдааҕы орто температурата -3, -5, ол элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүттэн 1 кыраадыһынан үрдүк. Түүнүн ый бастакы уонна үһүс биэс хонуктарыгар -18, -23, иккис уонна төрдүс биэс хонуктарга -10, -15, бэһис биэс хонукка -4, -9, бүтэһик биэс хонукка +2, +7 кыраадыс. Күнүс бастакы уон хонукка 0, +5, иккис уон хонукка -2, +3, бэһис биэс хонукка +3, +8, бүтэһик биэс хонукка +6, +11 кыраадыс.

Ыйдааҕы сөҥүү 1-6 мм тэҥ, ол элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүттэн кыра. Ый иккис аҥаарын сорох күннэригэр мөлтөхтүк хаардыаҕа.

 Илиҥҥи улуустарга (Уус Маайа, Уус Юдома, Югоренок). Салгын ыйдааҕы орто температурата -1, -6, ол эмиэ элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүттэн 1 кыраадыһынан сылаас. Түүҥҥү температура ый бастакы биэс хонугар -22, -27, иккис биэс хонукка -11, -16, иккис уон хонукка -12, -14, үһүс уон хонукка -1, -6 кыраадыс. Күнүскү температура ый бастакы аҥаарыгар +1, +6, төрдүс биэс хонукка +5, +10, үһүс уон хонукка +7, +12 кыраадыс.

Ый устатыгар 11-15 мм сөҥүү түһүө, ол элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүгэ чугас. Ый иккис уон хонугун уонна бэһис биэс хонугун күннэригэр хаардыаҕа.

Соҕуруу улуустарга (Алдан, Учур, Нагорнай, Томмот). Салгын ыйдааҕы орто температурата -1, -5 кыраадыска тэҥнэһэн, элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүттэн 1-2 кыраадыһынан үрдүк буолуоҕа. Түүнүн бастакы уонна иккис уон хонуктарга -4, -9, сорох түүн -15, -20, үһүс уон хонукка -2, -7 кыраадыс. Күнүскү температура бастакы уонна иккис уон хонуктарга -1, +4, бэһис биэс хонукка +3, +8, алтыс биэс хонукка +8, +13 кыраадыска тиийиэ.

Ыйдааҕы сөҥүү 5-43 мм тэҥнэһиэ, онон сорох сиринэн элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүгэ тиийбэт уонна онно хабааттар.

Арҕаа улуустарга (Өлүөхүмэ, Сунтаар, Ньурба, Бүлүү, Мииринэй, Чернышевскай, Туой Хайа, Ленскэй, Витим). Салгын ыйдааҕы орто температурата 0, -3 кыраадыс, ити элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүттэн 1,5-2 кыраадыһынан үрдүк. Түүнүн бастакы уон хонукка -9, -14, иккис уон хонукка -13, -18, бэһис биэс хонукка -2, -7, бүтэһик биэс хонукка 0, +5 кыраадыс. Күнүһүн +3, +8, бүтэһик биэс хонукка +9, +14 диэри сылыйыа.

Ый устатыгар 8-23 мм сөҥүү түһүө, ол элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүгэ чугас. Ый үгүс күннэригэр мөлтөхтүк хаардыаҕа.

Хотугу улуустарга (Күһүүр, Тиксии, Хаһааччыйа, Уус Куйга, Депутатскай). Салгын ыйдааҕы орто температурата -12, -17 кыраадыс, ити элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүттэн 1-2 кыраадыһынан сылаас. Түүнүн ый бастакы биэс хонугар -28, -33, иккис биэс хонукка -25, -30, иккис уон хонукка -22, -27, бэһис биэс хонукка -18, -23, алтыс биэс хонукка -13, -18 кыраадыс. Күнүс бастакы уон хонукка -6, -11, иккис уон хонукка -3, -8, үһүс уон хонукка 0, -5 кыраадыс.

Ый тухары 6-11 мм сөҥүү түһэн, элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүнү таһымныа суоҕа. Хаар иккис уонна үһүс уон хонуктарга түһэрэ сабаҕаланар.

Хотугулуу-арҕаа улуустарга (Сааскылаах, Солоҕоон, Өлөөн, Эдьигээн). Салгын ыйдааҕы орто температурата -9, -11, хоту өттүгэр -15 кыраадыс, ити элбэх сыллааҕы орто көрдөрүү саҕа уонна сорох сиринэн 1-2 кыраадыһынан үрдүк. Түүнүн бастакы уон хонукка -13, -18, үһүс биэс хонукка -20, -25, төрдүс биэс хонукка -27, -32, бэһис биэс хонукка -15, -20, бүтэһик биэс хонукка -10, -15 кыраадыс. Күнүһүн бастакы уон хонукка -4, +1, үһүс биэс хонукка -6, -11, төрдүс биэс хонукка -1,-6, бэһис биэс хонукка 0, +5, бүтэһик биэс хонукка +2, +7 кыраадыс.

Ый устатыгар 11-20 мм сөҥүү түһүө, ол элбэх сыллааҕы орто көрдөрүү саҕа уонна онтон элбэх. Үһүс биэс хонукка уонна бүтэһик уон хонукка мөлтөхтүк хаардыаҕа.

Хотугулуу-илиҥҥи улуустарга (Верхоянскай, Өймөкөөн, Уус Муома, Ньара). Салгын ыйдааҕы орто температурата -8, -13 кыраадыска тэҥнэһэн, нуорматтан 2 кыраадыс үрдүө. Түүҥҥү температура ый бастакы биэс хонугар -27, -32, иккис уонна үһүс биэс хонуктарга -20, -25, төрдүс уонна бэһис биэс хонуктарга -9, -14, бүтэһик биэс хонукка -5, -10 кыраадыс. Күнүһүн -2, -7, бүтэһик биэс хонукка +1, +6 кыраадыс.

Ыйдааҕы сөҥүү 3-14 мм, ол элбэх сыллааҕы саҕа уонна нуорматтан элбэх. Сүрүннээн, ый иккис аҥаарыгар мөлтөхтүк хаардыаҕа.

Уһук хотугулуу-илиҥҥи улуустарга (Чокуурдаах, Биэлэй Гора, Орто Халыма, Зырянка). Салгын ыйдааҕы орто температурата -12, -17 кыраадыс, ол элбэх сыллааҕы орто көрдөрүү саҕа итиэннэ сорох сиринэн 1-2 кыраадыһынан үрдүк. Түүнүн -18, -23, үһүс биэс хонукка -25, -30, бэһис биэс хонукка -10, -15, бүтэһик биэс хонукка -15, -20 кыраадыс. Күнскү температура -10, -15, үһүс уон хонукка 0, -5 кыраадыс.

Ый устатыгар 2-6 мм халыҥнаах сөҥүү түһүө, ол элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүттэн аҕыйах.

Муус устарга ыйдааҕы орто температура Саха сирин үгүс улуустарыгар төһө даҕаны урукку дьыллардааҕар 1-2 кыраадыс сылаас курдугун иһин, сааспыт тиэтэйбэт майгылаах, соҕуруу уонна арҕаа улуустартан ураты сирдэргэ ый аҥаарыттан эбэтэр бүтүүтүгэр биирдэ сааскылыы сылыйыыһы. Метеорологтар “ый саҥатыгар түүнүн, чуолаан, хотугулуу-илиҥҥи улуустарга улаханнык тымныйыан итиэннэ Өлүөнэ аллараа сүүрүгэр уонна арҕаа улуустарга күүстээх тыал түһүөн, тибиилэниэн сөп” диэн ыраах айанныыр дьону, суоппардары сэрэтэллэр. Ону тэҥэ күнүһүн ириэрэтиттэн, түүнүн тоҥороруттан хаар үрдэ мууһуран, халтараан буолуоҕа биллэр.

Василий Никифоров. Юрий Коковин хаартыскаҕа түһэриитэ

Читайте дальше