Күһүнтэн үөрэбин

 

 

Курус тыал куруубай соҕустук

Хаарыйар, тымныынан илгийэн.

Сайына, дьэ, номнуо ааспытын

Сайыһан саһарбыт күөх тыабыт…

 

Курус тыал куруубай быһыытын

Айылҕам, дьэ, алы гыммыттыы

Аҕалла аҕыйах күннэргэ

Сымнаҕас, сып-сылаас кэмнэри.

 

Хоргутан ытаабыт оҕотун

Хоонньугар уоскутар ийэлии —

Кыһына кэлиэҕин иннигэр

Күн сирин АЙЫЛҔАМ уоскутар!

 

Ол курдук Айылҕам күһүнэ

Сайыҥҥы биир өҥүн — чээл күөҕүн

«Билигин, дьэ, көрүҥ!» — диэбиттии

Дьэрэкээн өҥүнэн солбуйда.

 

Бу маннык дьэрэкээн көстүүттэн

Бары да манньыйан ылабыт!

Айылҕа бу мааны бэлэҕэр

Аһыллан оҕолуу үөрэбит!

 

Кэлиэхтээх кыһыммыт — дьэ кэллин!

Тохтообот, эргийэр Дьыл кэмэ…

Күлүмнэс күһүммүт сипсийэр:

«Кэлиэҕэ, сандал саас, кэтэһээр!»

 

Күһүммүн көрөммүн үөрэбин,

Дьэрэкээн өҥнөрүн сөҕөбүн!

Холуста ньууругар түһэрэн

Үйэлээх көстүүнү туойдарбыан!…

 

Егор НАХОДКИН,

Төрүт

 

Читайте дальше