«Кыайыы буойаһыгар» 3983 киһи сылдьыбыт

Балаҕан ыйын 26-28 күннэригэр Саха сиригэр аан бастакытын кэлбит «Кыайыы буойаһа» көһө сылдьар түмэл тимир суол Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыгар үлэлээтэ. Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын телеграм ханаала иһитиннэрэр.

Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан уопсайа 3983 киһи Аҕа дойду сэриитин кэмнэрин сырдатар түмэли кэлэн көрдүлэр.

Тэрийээччилэр Саха сиригэр кэлиилэрин 20-с өрөспүүбүлүкэ уонна 280-с тохтобул буоларын бэлиэтээтилэр.

СИА