Култуура уонна туризм: 2024 сылга Өймөкөөн улууһугар туох былааннанарый?

Саха Өрөспүүбулүкэтин Баһылыгын 2022 сыл ыам ыйын 25 күнүнээ5и 2461 №- дээх «А. Е. Кулаковскай төрөөбүтэ 150 сылын туһунан» Ыйааҕар олоҕуран, 2023-2027 сс. саха литературатын төрүттээччи, биллиилээх сырдатааччы уонна общественнай деятель А. Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Биэс сылынан биллэриллибитэ.

БЫЙЫЛ саха литературатын төрүттээччи, философ, сырдатааччы, саха норуотун духуобунай лидерэ А. Е. Кулаковскай улуустааҕы «Саха омук» общество ячейкатын кытта Өймөкөөн улууһугар эдэр Саха өрөспүүбүлүкэтэ автономияны ылыытыгар анаммыт бастакы Ыһыаҕы тэрийбитэ 100 сыла туолар.

Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгин Үрэх Төрдө диэн сиригэр бу бырааһынньык кэмигэр олохтоммут сэргэлэр оннуларынан хаалбыттара.

Оччолорго сылдьыбыт дьон этэринэн, Алексей Елисеевич бырааһынньык аһыллыытыгар аан бастаан Сеймчаан Таскааныгар кыстыыр кэмигэр суруйбут «Сайын кэлиитэ» диэн поэматын аахпыта.

«Өймөкөөн улууһугар 2023-2027 сс. ыччат политикатын олоххо киллэрии» бырагыраамма чэрчитинэн быйыл бэс ыйын бастакы декадатыгар «Тыа сирин ыччата – үгэһи  харыстааччы» диэн ыччат этнокультурнай экспедицията былааннанар. Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыларга ыҥырыылары Алексей Елисеевич ритуальнай сэргэлэри туруорбут Үөһээ Бүлүү улууһун — Оҥхой, Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэктэригэр, ону тэҥэ 20-с үйэ саҕаланыытыгар А. Е. Кулаковскай күн сирин көрбүт Таатта улууһун Амма нэһилиэгэр ыыталаабыппыт.

БУ САЙЫН Өймөкөөн улууһугар «Ыһыах» национальнай бырааһынньык тэриллэр күннэрэ быһаарылыннылар. Ол курдук, Өймөкөөн, Томтор, Үчүгэй, Сордоҥноох уонна Төрүт нэһилиэктэригэр ыһыахтар бэс ыйын 15 күнүгэр ыһыллыахтара. Бырагырааммаҕа дьиэ кэргэн престиһин үрдэтиигэ, сыаннастарын харыстыырга туһуламмыт дьаһаллар киллэриллиэхтэрэ. Оройуон киинигэр, Уус- Ньара бөһүөлэгэр  бэс ыйын 12-гэр – Арассыыйа күнүгэр — анаммыт национальнай общиналар кыттыылаах «Өймөкөөн үрүҥ түүнэ» диэн үгэскэ кубулуйбут ырыа бырааһынньыга буолуоҕа, ону тэҥэ элбэх оҕолоох, оҕо иитэ ылбыт ыаллар куонкурустара тэриллиэҕэ.

Аксиния СИВЦЕВА,

улуус дьаһалтатын култуураҕа уонна туризмы сайыннарыыга Управлениетын начаалынньыга

Бу туһунан сиһилии «Хотугу сардаҥа» хаһыакка ааҕыҥ

(«Северная заря» хаһыаттан

Мария Гермогенова тылбаастаата)

Читайте дальше