Бу туһунан “2-с Бороҕон нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Айаал Неустроев иһитиннэрдэ.
Санатар буоллахха, ааспыт нэдиэлэҕэ СӨ Суол-иис управлениетын уонна “ТрансСтройСаха” тэрилтэлэр икки ардыларыгар “Өймөкөөн” өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах суолу-ииһи көрүүгэ-истиигэ хантараак түһэрсиллибитэ.
Куйдуһуҥҥа уу таһыма үрдүк уонна сүүрүгэ олус күүстээх буолан, САРМ понтоннай муостаны туруорууга бэлэмнэнии үлэтэ болдьоммут кэмигэр (алтынньы 12 күнүгэр) кыайан саҕаламматаҕа.
Айаал Неустроев иһитиннэрбитинэн, ааспыт өрөбүллэргэ суббэдэрээтчит “Бриз” ХЭТ (дириэктэр Александр Долженков) САРМ понтоннай муоста туруохтаах сиригэр үрэх икки өттүттэн тустаах матырыйаалы кутууну саҕалаабыта. Манна бульдозер, погрузчик, самосвал тиэхиньикэни үлэлэтэллэр.
Бүгүн, туох даҕаны мэһэйдээбэтэҕинэ, муостаны туруоруохтара диэн иһитиннэрдэ эрэдээксийэҕэ баһылыгы солбуйааччы А.Н. Неустроев.
Любовь Кривошапкина