Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат

Соторутааҕыта Н.М. Заболоцкай — Чысхаан аатынан Томтордооҕу кыраайы үөрэтэр түмэлгэ «Дойдум дьоно» диэн бырайыак чэрчитинэн Кыайыы күнүгэр анаан «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» диэн ааттаах быыстапка тэрилиннэ. Түмэл салайааччыта Айталина Иванова ол туһунан маннык кэпсээтэ.

Улуу Кыайыы күнүн көрсө анал эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттарга анаан  «Өлбөт үйэлээх полк» өйдөбүл чүмэчитэ көрдөрүүгэ турда.

СВО-ҕа сылдьыбыт сахалартан бастакынан Арассыыйа Дьоруойа буолбут биир дойдулаахпыт Александр Колесовка аналлаах хаартыска-быыстапка уонна байыаннай эпэрээссийэҕэ суорума суоламмыт уолаттарбытыгар аналлаах «Өйдөбүнньүк чүмэчи» муннуга тэрилиннэ. Ону тэҥэ Өймөкөөн ытык кырдьаҕастарыттан саҕалаан хаартыскалаах быыстапка түмүллэн оҥоһулунна.

Аныгы технологияны туһанан, улахан экраҥҥа видео көрдөрдүбүт. Кремльга Александр Колесовка Дьоруой бэлиэтин туттарыыттан устуу фрагмена уонна «Алеша» танк туһунан документальнай киинэ буолла, ону тэҥэ мустубут дьон байыаннай ырыалары иһиттилэр. Бу күн оскуола оҕолоро, нэһилиэнньэ олох- тоохторо кэлэн, быыстапканы олус сэргээн көрдүлэр.

«Өлбөт үйэлээх полк» үтүө үгэскэ кубулуйан норуоту сомоҕолуур, көлүөнэлэри сибээстиир буолла. Бу акцияҕа Үчүгэй орто оскуолатыттан 7 кылаас үөрэнээччилэрэ, кылаас салайааччыта, история учуутала Александр Слепцов кэлэн кытыннылар. Кинилэр Улуу Кыайыыны уһансыбыт, эйэлээх олох туһугар олохторун толук уурбут дьоннорун чиэстээн махталларын биллэрдилэр.

-Дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар биһиги бары сырабытын ууруохтаахпыт. Ити биһиги бүгүҥҥү дьоллоох олохпут туһугар сэриилэспит дьон иннигэр ытык иэспит буолар, – диэтэ Айталина Прокопьевна. — Тэрээһиҥҥэ ыччат кыттыыта сэрии, тыыл бэтэрээннэрэ өрүү биһиги сүрэхпитигэр баар буолуохтарын, кинилэр ааттара умнуллубатын кэрэһилиир дии саныыбын.

Евдокия Егорова

 

Читайте дальше