Көттүлэр хотойдор хорсуннук

Көттүлэр хотойдор — эр уолан уолаттар

Көттүлэр хорсуннук-дохсуннук турунан

Холорук дьай хара силлиэни  ытыйар

Арҕааҥҥы адьынат аймаҕын утарсан.

      Күн көмүс дьоннорун хаалларан

      Көттүлэр хотойдор сэриигэ.

      Көмүскэл күүһүнэн арчылыы

      Иһийдэ тулалыыр айылҕа…

Ытаама кистээҥҥин, ийэкээм барахсан,

Эн эрэн оҕоҕор, эргиллиэм эйиэхэ!

Ханнык да ыарахан кэмнэргэ

Боотурдар быыһыыллар бар дьону.

       Күөх ыраас халлааны толорон

       Кырачаан кыргыттар, уолаттар

       Дьиэрэҥкэй оһуорун уруйдаан

       Дьол кыымын тиһэллэр үҥкүүгэ.

Көттүлэр Хотойдор,

Көттүлэр дохсуннук!

Зоя Оконешникова-Чөмчүүк Туйгууна

Читайте дальше