Кэскили түстээччи, сайдыыны саҕааччы

Өймөкөөн орто оскуолатыгар СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, үлэ бэтэрээнэ, Ирина Кондакова таһаарыылаахтык үлэлиир-хамсыыр.

Ирина Кондакова 1981 с. СГУ математика салаатын бүтэрэн, Өймөкөөн нэһилиэгэр физика учууталынан үлэлии тиийбитэ. Кини бу оскуолаҕа үөрэҕин бүтэриэҕиттэн харыс да сири халбарыйбакка 42-с сылын үлэлии-хамсыы сылдьар. Үлэлээбит сылларын устатыгар 5 выпустаах. Элбэх оҕону олимпиадаларга, билим-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, араас таһымнаах куонкурустарга бэлэмнээн, элбэх махтал сурук туппута.  Кини үөрэнээччилэрэ  араас идэлээх, үлэһит дьон буола үүммүттэрэ.

Дьыл-хонук элэҥнээн ааһара түргэн, – диир Ирина Федоровна. — Үөрэҕирии эйгэтигэр үлэлээбитим номнуо 42 сыл буола охсубут. Мин, бу санаатахха, кыра эрдэхпиттэн учуутал буоларга талаһар эбиппин. Оҕо сылдьан учуутал курдук сананан олорон, кыһыл уруучуканан «сөп-сыыһа» диэн бэлиэлэри туруорарбын билигин да өйдүүбүн.

Бэһис кылаастан биһиги кылааспыт салайааччыта Мария Николаевна Цыпандина этэ. Кини биһигини математикаҕа үөрэппитэ. Балай эмэ мэник-тэник, сүүрбүт-көппүт  кылаас этибит. Учууталбыт биһигини дириҥник толкуйдуурга, үтүө санаалаах буоларга үөрэппитин баччааҥҥа диэри махтана саныыбын. Мария Николаевна хас биирдиибит туһугар кыһаллан, үгүс сыратын биэрбитэ. Бэйэтин уруоктарыгар билиигэ-көрүүгэ, бэрээдэккэ ураты ирдэбиллээх буолара. Кини кэргэнэ Петр Васильевич физика учуутала этэ. Олус сымнаҕас, куруутун үөрэ-көтө сылдьар, дириҥ билиилээх учуутал буолара. Мин кини уруоктарыгар уопут оҥорорун олус сэҥээрэн, интэриэһиргээн көрөр этим. Ол иһин физика-математика учууталын идэтин сөбүлээн талбытым буолуо дии саныыбын.

Уһуйааччы идэтэ олус уустук, элбэх сыраны, тулууру, оҕоҕо истиҥ тапталы, араас түгэҥҥэ мындыр, киэҥ көҕүстээх буолууну эрэйэр. Ис кыаххын сатаан арыйар, ону сайыннарар учууталга түбэһэриҥ — дьылҕаҥ бэлэҕэ буоллаҕа.

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.

Евдокия Егорова

Читайте дальше