Кэриэстэбил. Быдан дьылларга быраһаай!

Бу дьыл атырдьах ыйын 28 күнүгэр күндү бырааппыт, аҕабыт, тапталлаах эһэбит Кондаков Гай Петрович соһуччу бу сиртэн күрэннэ…

Кини 1961 сыллаахха «Түмсүү» холкуостаах ыалыгар иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа Түмсүүгэ, онтон Райотделга ааспыта. Олус сэмэй, ыал мааны оҕото этэ. Өймөкөөн орто оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Кылааһын оҕолорун кытта наһаа иллээх этэ, бары куруутун бииргэ сылдьаллара. Онтон Приморьеҕа танковай чааска сулууспалаан кэлэн, Өймөкөөҥҥө олоҕун аргыһын Ирина Федоровнаны көрсөн ыал буолбуттара. Уоллаах кыыс оҕону төрөтөн, 3 кыыс сиэннэммиттэрэ.

Быраатым дьиэтин өрүү көрө-истэ, хомуйа сылдьааччы, кэргэнин кытта тэҥҥэ ас астыы сылдьар буолааччы.

Аармыйаттан кэлэн баран Суотту  СПТУ-гар суоппар идэтигэр үөрэммитэ. Гай Петрович “Өймөкөөн” сопхуоска эҥкилэ суох үлэлээн, кыһыннары-сайыннары икки ферманы, 3 учаастак ыалын уунан хааччыйара. Биирдэ да уоппуска диэни билбэккэ, ыраах сири-дойдуну көрбөккө, өрүү үлэ үөһүгэр буолара. Онтон кэлин олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар көһөн, эмиэ сүрэх кыайарынан үлэлээн кэлбитэ.

Нэһилиэккэ Гай Петрович диэн бигэ ааттанан, куруутун үгүс доҕордоох буолара. Саамай  соҕотоҕун  сылдьарын сөбүлээбэт этэ. Ол иһин тугу эмит гынаары гыннаҕына, кини аттыгар куруутун киһи баар буолара. Кыра эрдэҕиттэн массыына ыытары сөбүлээн, тимир көлөтүн арахсыспат доҕор оҥостубута.

Биһиги күндү киһибитин бүтэһик суолга атаарар ыарахан кэмнэрбитигэр  үгүс көмөнү оҥорбут Өймөкөөн нэһилиэгин эр дьонугар, аттыбытыгар баар буолан көмөлөспүт оҕо сааспыт дьүөгэлэригэр,  олохтоох дьаһалта исписэлииһигэр С.А. Готовцевка, Өймөкөөн орто оскуолатын кэлэктиибитигэр, улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһыгар И.И. Харлампьеваҕа, Дьокуускайтан оҕолору аҕалбыт Г.С. Винокуровка, улахан үлэтин тэрийбит П.Г. Дягилев биригээдэтин эр дьонугар, Уус-Ньараттан, Томтортон кэлбит аймах-билэ дьоммутугар, Сордоҥноох нэһилиэгиттэн суолу-ииһи аахсыбакка бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэр ааттарыттан кэлбит Александр  Гермогеновка, А.Е. Васильеваҕа, А.С. Малыхха о.д.а. нэһилиэк дьонугар бу кутурҕаннаах түгэҥҥэ кэлэн көмөлөһөн, өйөөн барбыккытыгар биһиги дьиэ кэргэн аатыттан махталбытын тиэрдэбит.

Иллээх-эйэлээх, дьоллоох буолун, хайа да түгэҥҥэ дьиэ кэргэҥҥитин куруутун харыстаан сылдьыҥ.

Эдьиийэ Роза Петровна, балта Любовь Петровна дьиэ кэргэннэрэ, кэргэнэ Ирина Федоровна, оҕолоро Агата, Гай, сиэннэрэ, племяннига Александр, Өймөкөөн

Читайте дальше