Кэпэрээссийэ сийиэһэ: улахан хотоннору тутууну, сыахтары саҥалыы сэбилээһини уонна каадырынан хааччыллыыны быһаарарга уолдьаста

Дьокуускайга кулун тутары түмүктүүр үлэ күннэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин сийиэһин дьаһаллара ыытылыннылар. Маҥнай икки күн устатыгар дэлэгээттэргэ анаан стратегическай сиэссийэлэр уонна үөрэтэр сэминээрдэр тэрилиннилэр. Бүтэһик үһүс күн бастакы аҥаарыгар СӨ бырабыыталыстыбатын иһинэн тыа хаһаайыстыбатын кэпэрээссийэтин тиһигин сайыннарыыга сүрүннүүр сүбэ мунньахтаата, онтон күнүскү чэйтэн киэһэ сийиэс үлэтэ пленарнай мунньаҕынан түмүктэннэ.

Сүрүннүүр сүбэ мунньаҕын СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайан ыытта. Онно тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин салайааччыларын сэргэ өрөспүүбүлүкэттэн Федерация Сэбиэтигэр чилиэн, аграрнай, ас-үөл бэлиитикэтигэр уонна айылҕаны туһаныыга кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Егор Борисов, “Агрохонтуруол” Арассыыйатааҕы бэйэтин сүрүннэнэр тэрилтэ – тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин ревизиялыыр сойуустарын түмсүүтүн бэрэсидьиэнэ Андрей Морозов ыҥырыллан сырыттылар.

С.В. Местников ити күн эрэ иннинэ Ил Дархан илии баттаабыт “Олохтоох оҥорон таһаарыыны уонна туризмы сайыннарыы туһунан” Ыйааҕар эт-үүт аһы оҥорон таһаарыыга олохтообут кирбиилэрин толорордуу үлэ-хамнас тэриллиэхтээҕин бэлиэтээтэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын салаатын өйүүр тиһиги хаттаан көрүү эрэйиллэр буолла, – диэтэ Сергей Васильевич. – Судаарыстыбаттан улахан кээмэйдээх көмө оҥоһулларын үрдүнэн, көрдөрүүлэрбит өнүйбэттэр, сорох хайысхаларга түһэ тураллар. Онон, салааны өйүүр саҥа дьаһаллары ылынар инниттэн билигин оҥоһуллар көмөлөр көдьүүстэрин ырытан-сыымайдаан көрүү быһаарыылаах буолуоҕа”.

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров этэринэн, бааһынай хаһаайыстыбалар оҥорон таһаарар кээмэйдэрэ сылтан сыл кыччаан иһэр: ол курдук, бүттүүн кээмэйтэн 2018 с. 27 бырыһыанын оҥорор эбит буоллахтарына, билигин тиксэр өлүүлэрэ – 24 бырыһыан. Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ урукку таһымнарыгар (29%) сылдьаллар. Ол аата итинтэн ордор 47 бырыһыана – ынахтарыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көмө харчы ылар кэтэх хаһаайыстыбалаах ыаллар киэннэрэ. Сахастат дааннайынан, кэлиҥҥи биэс сылга табаарынас таһыма 36-тан 33 бырыһыаҥҥа түспүт.

Маннык быһыы-майгы салҕанан бардаҕына, көрдөрүүлэрбит өссө мөлтүөхтэрэ, – диир миниистир. – Ол иһин эһиилгиттэн аграрнай салааны уонна тыа сирин кэлимник сайыннарыыны саҥа киэбинэн сүрүннүүргэ былаанныыбыт. Бу муус устар 4-5 күннэригэр Ставропольеҕа баар аграрнай университекка каадыр боппуруоһугар сүбэ мунньах буолуохтаах. РФ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Дмитрий Патрушев 2030 сылга диэри тыа хаһаайыстыбатын салаатын 60 тыһ. эдэр каадырынан хааччыйыы соруга турарын иһитиннэрдэ. Онон бу дойду үрдүнэн үөскээбит улахан кыһалҕа биһиги усулуобуйабытыгар үс бүк ыараханын өйдөөн-санаан туран, үлэни-хамнаһы тэрийэрбит эрэйиллэр”.

Итинник ис хоһоонноох кэпсэтии сийиэс пленарнай мунньаҕар салҕанна. Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, сийиэс маҥнайгы күнүн сарсыардатыгар сурукка бэлиэтэммитинэн, өрөспүүбүлүкэ 30 улууһуттан уонна киин куораттан 151 дэлэгээт кэлбит этэ. Ол эрээри, хомойуох иһин диэххэ, дьиҥнээх мунньаҕар “илэ” тиийбит ахсааннаах буолла. Үрдүк сололоох ыалдьыппыт Егор Борисов аграрниктары кытта ылахтаспыта, алтыспыта бэрт буолан, Агротехнология университетын саалатыгар олорор сүүсчэ киһи ортотугар кэпэрээссийэни баһылыыр-көһүлүүр дьон аҕыйаҕын тута көрө-билэ охсон, хас кэпэрэтиип салайааччыта эбэтэр бэрэстэбиитэлэ баарын ыйыппытыгар 10-тан тахса эрэ киһи илиитин уунна. Итиэннэ биир оччо ыҥырыылаах тойоттор-хотуттар, суруналыыстар, онтон уратылара – 75 бырыһыанын кэриҥэ тыа хаһаайыстыбатын идэлэригэр үөрэнэ сылдьар устудьуоннар эбит.

Хата, тыабыт хаһаайыстыбата солбуктаах, кэскиллээх эбит диэн үөрүөҕү миниистир: “Эһигиттэн хаскыт тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии барар санаалаах сылдьарый?” – диэн ыйытыытыгар биир даҕаны оҕо илиитин уумматаҕа тохтотто. Бары куоракка хаалан, эргиэн дьиэлэригэр тураллара дуу эбэтэр тойон-хотун буолаллара дуу? Егор Афанасьевич сүүрбэччэ сыллааҕыта тэрийбит “Миниистир” оонньуутун курдук, “Старт” оонньууну илин эҥээргэ ыыппытын кэпсээн баран: “Биэс бастыҥы бырабыыталыстыба резервэтигэр ылыахпыт. Устудьуоннарга эмиэ ыыттахпына, эһиги кыттыаххыт дуо?” – диэн ыйыппытыгар онтон-мантан илиилэр күөрэҥнээтилэр.

С.Местников тыа сиригэр кэпэрээссийэни тэнитиигэ улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара эмиэ быһаччы интэриэстээх буолуохтаахтарын ыйда уонна инникитин маннык таһымнаах мунньахтарга хайаан даҕаны сылдьалларын ирдииргэ эттэ. Сүрүннүүр сүбэ мунньаҕар улуустар баһылыктарыттан соҕотоҕун кыттыбыт Никита Андреев (Куорунай) холобур буоларын миниистир бэлиэтээтэ. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы быйылгыттан саҕалаан нэһилиэнньэ сүөһүтүн көрөр-иитэр потребкэпэрэтииптэр хотон тутталларыгар уонна астыыр-үөллүүр потребкэпэрэтииптэр сыахтарын саҥардалларыгар үбүлээһин үс-хас сыл устатыгар үгүөрүтүк көрүллэн, кыһалҕа улахан өттө быһаарыллыаҕар эрэнэрин биллэрдэ.

Бу балаһыанньа сийиэс кыттыылаахтара СӨ бырабыыталыстыбатыгар туһаайан ылыммыт уураахтарын биир пуунугар киирдэ эрээри, үбэ-харчыта төһө буолуохтааҕа ыйыллыбатаҕа “ойуун болдьоҕун” санатар. Манна сыһыаран суруйдахха, “Кыйы”кэпэрэтиип (Таатта) салайааччыта Евдокия Антонова 4 бааһынай, 20 ыал кэтэх сүөһүлэрин биир хотоҥҥо туруоран иитэллэригэр 5 үлэһиккэ ортотунан 35-36 тыһ. солкуобайы хамнас төлүүллэрин, онтон ордук кыаллыбатын, сүөһүлээхтэр 80 бырыһыаннара ыйга 20-чэ тыһ. солкуобайы ылар биэнсийэлээхтэр буолалларын, сүөһүтүн көрдөрө биэриэн баҕалаах элбэх эрээри, саҥа хотону туттарга үп-харчы тиийбэтин этиммитин сенатор салгыы саҥардыбата. “Судаарыстыбаттан көмөҕө суоттанымаҥ, потребительскай кэпэрэтиипкэ үөһэттэн быһаччы көмө оҥоһуллара сокуону утарар. Хамнаһы бэйэҕит оҥостуҥ, ыамҥытын 4 тыһыынчаҕа таһаардаххытына, ол ситиһиллэр кыахтаах”, – диэтэ Егор Афанасьевич уонна Владимир Михайлов сылга ортотунан 130-туу тыһ. солкуобай хамнаһы аахсарын холобурдаата.

Сымнатан эттэххэ, тэҥэ суох тэҥнэбил. Арассыыйа Үлэтин дьоруойа Владимир Африканович – “Кириэстээх” тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибин ыанньыксыта. Оттон производственнай кэпэрэтиип, биллэрин курдук, коммерческай тэрилтэ. “Кыйы” – тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибэ, ол эбэтэр коммерческайа суох тэрилтэ, ыаллар уонна бытархай бааһынайдар бэйэлэрин кыахтарынан тэринэллэр, быһата, кыамматтар холбоһуктара. “Кыйы” ТХПоК биир ынаҕыттан ортотунан 2-2,5 тыһ. киилэ үүтү ыыр, быйылгыттан биир киилэ үүтүгэр 65 солкуобайдаах субсидияны уонна 15 солкуобай соҕотуопкалааччы атыылаһар харчытын ылыахтаах. “Тыа хаһаайыстыбатын кэпэрээссийэтин туһунан” ФС 4-с ыстатыйатын13-с пуунугар ыйылларынан, ТХПоК оҥорор үлэтин (өҥөтүн) 50-тан итэҕэһэ суох бырыһыана бэйэтин чилиэннэригэр туһуланыахтаах. Онон, кыаҕа кыратын аанньа кыаһыта улахан.

Иккиһинэн, каадыр кыһалҕатын тыл эппит салайааччылар бары кэриэтэ көтөхтүлэр. “Сайылык” МТС” тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибин (Кэбээйи) бэрэссэдээтэлэ Петр Дьяконов этэринэн, каадырынан хааччыллыыны икки араҥалаан, тус-туспа быһаарар кыайыылаах буолуоҕа: бастакыта – хаһаайыстыба хара үлэтигэр быһаччы үлэлиир сүөсүһүттэр, сылгыһыттар, тырахтарыыстар; иккиһэ – зоотехник, бэтэринээр, агроном, буҕаалтыр курдук исписэлиистэр. “Эрэл” ТХПК (Нам) толорооччу дириэктэрэ, СӨ бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна кэпэрэтииптэрин ассоциациятын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ньургун Гуляев: “Астыыр-үөллүүр потребкэпэрэтииптэр кыһалҕабыт майгыннаһар. Биһиги, “эрэллэр”,  министиэристибэ сүнньүнэн кэтэх олорор дьиэни тутуу бырагыраамата үлэлиир сылларыгар 20-тэн тахса ыалы дьиэлээн, каадырбытын быһаарбыппыт. Ол исписэлиистэрбит күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьаллар”, – диэн туран, федеральнай таһымҥа ылымматтарынан, өрөспүүбүлүкэ бу хайысханы сөргүтэригэр баҕа санаатын этиннэ.

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтигэр туһуламмыт сийиэс уурааҕар “хаһаайыстыбаҕа үлэлии тиийбит эдэр исписэлиискэ харчынан төлөбүр кээмэйин үрдэтэри” таһынан үлэлиир сиригэр олорор дьиэ туттарыгар (атыылаһарыгар) эрэгийиэн биир кэмнээх төлөбүрү олохтуохтааҕа киллэрилиннэ. Ону тэҥэ тустаах улуустар баһылыктара эмиэ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр уонна тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэригэр үлэлии тиийбит эдэр исписэлиистэр олорор дьиэнэн хааччыллалларыгар муниципальнай өйөбүлү оҥорууну олоххо киллэриини тэнитэллэрин ситиһэргэ этилиннэ.

Министиэристибэҕэ аадырыстаммыт уураах биир пуунугар “РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сокуоҥҥа көҕүлээһинигэр сөп түбэһиннэрэн, эрэгийиэннээҕи агроагрегаторы тэрийиини өйүүргэ боччумнаах этиилэри оҥорон-чочуйан бырабыыталыстыбаҕа киллэрэригэр” сүбэлээтилэр. Саха сиригэр 1997 с. бастакы астыыр-үөллүүр потребкэпэрэтииби тэрийбит “Чурапчы” ТХПК бэрэссэдээтэлэ, билигин “Туймаада” агрохолдиҥҥа үлэлиир Андрей Ноговицын саныырынан, бэлэсипиэти саҥаттан айа сатаабакка, улуустардааҕы потребкэпэрэтииптэр агроагрегатор оруолун толорор кыахтаахтар, кинилэри саҥалыы сэбилээһиҥҥэ үбүн-харчытын быһаарыахха эрэ кэрэх.

Хаҥалас улууһун сир үлэтинэн, сүөһү иитиитинэн дьарыктанар эдэр бааһынайа Сергей Латышев сенаторга Саха сиригэр кэпэрээссийэ баарын, үлэлиирин дакаастаан:

Биһиги улууспутугар соҕотуопкаҕа үлэлииргэ анаан 3 потребкэпэрэтиип тэриллибитэ. Онтон үлэбитин-хамнаспытын кэҥэтэр сыаллаах өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох хортуоппуйу, оҕуруот аһын батарыыга “Саха сирин оҕуруотун аһа” диэн иккис таһымнаах кэпэрэтиип тэриннибит. Итиэннэ инникитин агроагрегатор буоларга соруктанабыт”, – диэтэ.

Ыспыраапка

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, бу дьыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, федеральнай нолуок сулууспатын учуотугар 438 тыа хаһаайыстыбатын потребительскай уонна 187 тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтииптэрэ тураллар. Ити гынан баран, 2022 сыл түмүгүнэн (2023 сыллааҕы түмүк ыам ыйыгар биирдэ тахсыа) Сахастакка отчуотун 367 кэпэрэтиип туттарбытыттан потребительскайа – 226, производственнайа – 141. Нолуок учуотугар, 2023 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, 395 ТХПоК турарыттан сыллааҕы үлэтин 285 кэпэрэтиип, оттон 192 производственнай кэпэрэтииптэн 165-һэ отчуоттаабыттара. Инньэ гынан, кэпэрэтииптэр сыллааҕы бухотчуоттарын туттарыы ирдэбилин толоруу таһыма 77 бырыһыаҥҥа тэҥнэспитэ. “Отчуоттаабат – ол аата үлэлээбэт” диэн өйдөбүлүнэн салайтардахха, кэпэрэтииптэртэн чиэппэрдэрин кэриҥэ кумааҕыга эрэ бааллар, көрүнньүктэр.

Василий Никифоров

Анна Сергучева (ТХМ пресс-сулууспата) түһэриилэригэр: Тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэригэр аналлаах сийиэс түгэннэриттэн.

Читайте дальше