Төрүт орто оскуолатыгар соторутааҕыта көмүс күһүҥҥэ аналлаах тэрээһин олус сэргэхтик ыытылынна.
Бастатан туран, оскуола оҕолоро бука бары бүтүн Арассыыйатааҕы “Нация кроһа” диэн күргүөмүнэн сүүрүү чэрчитинэн, үүммүт күнү чэбдигирдэр сүүрүүнэн саҕалаатыбыт.
Ол кэннэ биһиэхэ эрдэ бэриллибит сорудахтары толоруу түбүгэр түстүбүт. Сорудах быһыытынан кылааһынан айылҕаҕа тахсан хаартыскаҕа түһэн баран, «Айылҕа уонна биһиги» диэн быыстапка оҥоруохтаах этибит.
Алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ «Күһүҥҥү зонтик», ортокулар — сэлээппэ, улахан кылаастар минньигэс торт оҥоруутугар сорудах ылбыттара.
Бу күн үгэс быһыытынан күһүҥҥү ас-үөл дьаарбаҥката тэрилиннэ. Манна төрөппүттэр, оҕолор, учууталлар бары түмсэн оҕуорут аһын эгэлгэтин, Байанай бэлэҕин, бурдук ас арааһын аҕалан баай-талым сандалыга тэлгэттилэр. Ыалдьыттарбыт, нэһилиэк олохтоохторо, кус, балык, куобах о.д.а атыылаһан, дьиэлэригэр өттүк харалаах үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Ити курдук саҥа үөрэх дьылыгар оскуолабытыгар нэдиэлэ ахсын уларыйа туран ыытыллар тэрээһиннэр саҕаланнылар.
Түгэнинэн туһанан сырдыкка, кэрэҕэ үөрэтэр, дириҥ билии биэрэргэ кыһаллар учууталларбын кэлэн иһэр идэлээх күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Күндү учууталларым, сыралаах үлэҕит түмүктээх буоллун, чөл-доруобай буолуҥ!
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Миша Атласов, 8-с кылаас, юнкор, Төрүт