«Сүрэх хирург хараҕынан» диэн кардиохирург Петр Захаров саҥа кинигэтэ күн сирин көрдө. Таһаарыыны алтынньы 5 күнүгэр Дьокуускайга национальнай библиотекаҕа сүрэхтээтилэр. Дьоро тэрээһиҥҥэ Петр Иванович биир идэлээхтэрэ, аймах-билэ дьоно уо.д.а муһуннулар.
Саха сиригэр сүрэх-тымыр ыарыытын хирургиятын төрүттээбит, элбэх дьону өлөр өлүүттэн өрүһүйбүт сүҥкэн үтүөлээх кардиохирург Петр Захаров кинигэтигэр сүрэх ыарыытын, тымыр эчэйиитин арааһын, үөскүүр сүрүн төрүөтүн, сүрэххэ оҥоһуллар эпэрээссийэ көрүҥүн сиһилии быһаарар, ааҕааччыга сүбэ-ама биэрэр. Ону тэҥэ дьонун, үлэтин, олоҕун туһунан ахтар.
Кинигэ 13 түһүмэхтэн турар, икки тыһыынча экземплярынан таҕыста. Эмчит тус архыыбыттан хаартыскалар, ону сэргэ уруһуйдара киирдилэр.
Кинигэни саха хирургтара сүрэҕи көһөрүү курдук уустук операцияны Уһук Илиҥҥэ бастакынан оҥорбуттара биэс сылыгар анаатылар. Таһаарыыга араас диагноһы нууччалыы уонна сахалыы тылынан ыйдылар. Петр Иванович этэринэн, бу саха тылын сайыннарыыга кылаат буолар.
«Сүрэҕи харыстыырга саамай сүрүнэ чөл олох ирдэнэр. Ону тэҥэ киһи куруук хамсана сылдьыахтаах. Оччоҕо сүрэххэ баар ордук сыа умайар, тымыр бүөлэниитэ аччыыр, хаан эргиирэ түргэтиир. Мин санаабар, Саха сиригэр медицина тэтимнээхтик сайдар. Дьокуускайга арыллыбыт сүрэх-тымыр саҥа киинигэр аан дойду таһымнаах оборудование үлэлиир. Дьон күн бүгүн ол көмөтүнэн ыарыытын быһаартаран олус туһанна», — диэн ааптар Петр Захаров эттэ.
«Сүрэх хирург хараҕынан» Петр Иванович бэһис кинигэтэ буолар. «Айар» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста. Кыһа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Валерий Луковцев тэрилтэ редактордара ааптардары кытта ыкса үлэлииллэрин бэлиэтээтэ.
«Айар» кинигэ кыһата маннык дьоҥҥо-сэргэҕэ, олоххо-дьаһахха туһалаах кинигэни таһаарарга улахан болҕомто уурар. Петр Иванович өр сыллаах билиитин дьону кытта үллэстэрэ, биллэн турар, сүҥкэн суолталаах», — диэн Валерий Луковцев тоһоҕолоото.
Кинигэни «Айар» кинигэ кыһатын бары маҕаһыыннарыгар атыылаһыахха сөп.
Елизавета Васильева