Истиҥ иэйиинэн угуттаан

Өймөкөөн улууһун дьоно-сэргэтэ анал байыаннай эпэрээсийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарыгар, Саха сириттэн барбыт уолаттарга ким туох кыахтааҕынан өрүү көмөлөһөллөр, кинилэр тустарыгар дууһаларынан ыалдьаллар, дьиэлэригэр, дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕараллар.

Элбэх холобуртан биири аҕаллахха, соторутааҕыта Томтордооҕу кыраайы үөрэтэр түмэлгэ сүрдээх истиҥ тэрээһин буолан ааспыта. Ол курдук Өймөкөөн улууһун айар куттаахтарыттан, дэгиттэр талааннаахтарыттан биирдэстэрэ Майя Винокурова түмэлгэ ыалдьыттаата. Тылы сатабыллаахтык тиһэн, хомоҕой хоһоону айар Майя Арсентьевна Өймөкөөн улууһун айар куттаахтарын түмсүүлэрин солбуллубат чилиэнэ буолар. Ону таһынан кини “Ураннар” диэн өрөспүүбүлүкэ хоһоон айааччыларын түмсүүлэригэр киирэр.

Бу күн Майя Винокурова түмэл дириэктэрэ Айталина Ивановаҕа долгуйан туран, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга анаан суруйбут кинигэлэрин уонна харысхаллаах, хоһоонунан алгыстаах тэттик кинигэтин бэлэхтээтэ.

Ыраах сылдьар байыастарга биир дойдулаахтарын алгыстара, көмөлөрө-өйөбүллэрэ күүстэригэр күүс эптин, төрөөбүт-үөскээбит кыраайдарын сылаас тыына тиийэ турдун.

Любовь Кривошапкина

Читайте дальше