Бэрт элбэх суолталаах тэрээһиннээх бэс ыйа түмүктэнэн, аны күргүөмнээх үлэлээх от ыйыгар үктэннибит.
Өймөкөөн улууһугар туох үлэ-хамнас бара турарын муниципалитет баһылыгын э.т. Саргылаана Можуковаттан ыйыттыбыт.
— Томторго Хабаровскай кыраайга тахсар улахан коммутационнай узел тутуллан эрэр. Манна пиринговай былаһаакка тэриллиэхтээх.
Оччотугар Уһук Илин уокуругун үс эрэгийиэнин кииннэрэ – Дьокуускай, Магадаан, Хабаровскай трафиктарын атастаһар кыахтаныахтара.
“Импульс” НПО салайааччытын стратегическай бырайыактарга советнига Георгий Тирон бу күннэргэ тиэхиньиичэскэй надзор ревизорун кытта Өймөкөөн улууһугар үлэлии сылдьаллар. Бу күннэргэ Бадараантан Уус-Ньараҕа диэри оптоволокно иккис кабелын тардаллар.
Билигин Өймөкөөҥҥө этническэй култуура киинин, Томторго КСК тутуутун боппуруостарыгар, Уус-Ньараҕа “Металлург” Култуура дьиэтин хапытаалынай өрөмүөнүн, Үчүгэйгэ саҥа оскуоланы ситэрии боппуруостарын быһаарса сылдьабыт.
“Өймөкөөн” өрөспүүбүлүкэтээҕи суол Томтордуур туһаайыытыгар Тирэх уонна Наледнай учаастактарыгар алдьаммыт суол өрөмүөнүн СӨ Суол хаһаайыстыбатын управлениетын кытары кэпсэтии ыытабыт. Докумуон үлэтэ үгүс, ону толорсобут.
Бу күннэргэ анал үбүлээһини көрөн, нэһилиэктэргэ уонна бөһүөлэктэргэ сыбаалкалары ыраастата уонна хомуйтара сылдьабыт.
Уус-Ньараҕа уонна Томторго улахан бөҕү уматар (инсинератор) тэрили “төһө табыгастаах буолуой?” диэн үөрэтэн көрөн баран, поставщиктары кытта көрсөн кэпсэппиппит. Онон бу былааммытын олоххо киллэрдэрбит диэн баҕалаахпыт,- диэн иһитиннэрдэ Саргылаана Можукова.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Хаартыскаҕа: Олоҥхо Ыһыаҕар Аммаҕа
Өймөкөөн улууһун пресс-сулууспата