Иллээх-эйэлээх, түмсүүлээх буоллахпытына

Өймөкөөн оройуонун улуустааҕы дьаһалта үлэһитэ, оройуон дьокутаата, сахалартан бастакы Эверест хайаны дабайбыт альпинист, туризмынан утумнаахтык дьарыктанар Тымныы полюһун олохтооҕо Евгений КРИВОШАПКИН:

  • Президент Владимир Путин солотугар киирэр дьаһала олус тэрээһиннээхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Мин боростуой киһи уонна дьокутаат быһыытынан дойдубут аҕа баһылыга Арассыыйа судаарыстыбатын Сүрүн сокуонун — Конституциятын көмүскүүргэ бирисээгэ биэрэрин уонна анал программнай тыл этиитин астына иһиттим. Президент дуоһунаһыгар киирэр өрөгөйдөөх тэрээһинин көрөн, биһиги иллээх дьиэ кэргэн патриотическай санаабыт өссө көтөҕүлүннэ уонна маннык эрэллээх аҕа баһылыктаахпытынан  киэн туттар санаабыт үрдээтэ.

Быйылгы кулун тутар ыйдааҕы президент быыбарыгар Владимир Путин кыайарыгар кыра да саарбахтааһын суоҕа. В.В. Путин Арассыыйа президенин дуоһунаһыгар саҥа алта сыллаах болдьоххо киирдэ, ол аата 2030 сылга диэри.

Бу кэм устатыгар кини өссө таһаарыылахтык үлэлиэҕэ, экономика буоллун, социальнай тутул буоллун — бары хайысхаҕа уһулуччу таһым олохтонуоҕа диэн бигэ эрэллээхпин. Иннибитигэр барыбытын өссө күүстээх үлэ күү­тэр. Владимир Путин эппит тылларын дьүөрэлии туттахха, биһиги бары эппиэтинэстээх, иллээх-эйэлээх уонна түмсүүлээх буоллахпытына, уопсастыбабыт бигэ туруктаныаҕа, дойдубут Арассыыйа сайдыыта өссө тэтимириэҕэ.

Редакция

Читайте дальше