Илин даҕаны, арҕаа даҕаны улуустарга былааннаах отторун бэйэлэрин сирдэриттэн ыларга эрэллээхтэр

Быйыл сайын оттооһун хаамыыта, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыллахха,  былырыыҥҥы тэтимтэн ордук, эриэ-дэхси курдугун иһин, ханна эрэ ардах атахтыыр, ким эрэ ходуһата ууга сытар. Ол даҕаны буоллар, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ улахан былааннаах улуустар, илин эҥээриттэн эбэтэр Бүлүү сүнньүттэн тутулуга суох, сирдэриттэн-уоттарыттан тэлэһийбэккэ оттуурга эрэллээхтэрэ – бэйэтэ кыра кыайыы.

Степан Бочкарев, Уус Алдан улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта:

 Быйыл биһиэхэ от үүнүүтэ куһаҕана суох, ортону үрдүнэн диэххэ сөп. Ааспыт күһүн ардаан, сир өҥсүйэн тоҥмута. Онтон быйыл саас министиэристибэҕэ сайаапкалааммыт ардаҕы ыҥырар сөмөлүөт иккитэ кэлэн үлэлээтэ. Бэс ыйын 13-14 уонна 20-21 күннэригэр ардаабыта от тэбэригэр улаханнык көмөлөстө. Улуус сирин-уотун барытын хабан түстэ. Кэнники үс күн быстахтык түһүтэлээн баран, халлааммыт билигин көнөн турар.

Биллэрин курдук, ааспыт үс сайын субуруччу курааннаан, наар тастан атыылаһан эбинэн, сүөһү кыстыгар уустук дьыллары ороскуоттаахтык туораатыбыт. Аһыҥа ыһаары ыксатан, кэлиҥҥи сылларга саас ахсын 1-дии тыһыынча гектар сири “эмтиир” этибит. Быйыл эмиэ 130 лиитирэ коцентрат атыылаһан, 5 нэһилиэккэ 730 гектарга ыстардыбыт. Сайын саҕаланыытыгар Россельхозкиин улуустааҕы филиалыттан уонна куораттан исписэлиистэр тахсан чинчийэннэр, Дүпсүҥҥэ квадратнай миэтэрэҕэ 28 аһыҥа үөскээбитин быһаарбыттара. Саамай уустук балаһыанньалаах нэһилиэккэ “эмтээһин” түмүгэр аһыҥа хаптайда.

Улуус кыстатар сүөһүтүн-сылгытын дьыл таһаарар кээмэйин бэйэбит 30 тыһ. туонна от диэн суоттуубут эрээри, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ зоотехническай нуорманан 33 478 туоннаҕа былаан тиэрдэр. Бэйэбит күүспүтүнэн 30 тыһ. туоннаны булабыт, ол эбэтэр былааннаах от 90 бырыһыанын толорорго эрэллээхпит. Өссө күн-дьыл туран биэрдэҕинэ, атын улуустарга атыыга анаан оттуур киччим баҕа санаалаахпыт.

Быйыл боломуочуйанан кэлэр үбү-харчыны хаһаайыстыбаларга эрдэ тиэрдэммит окко урукку сыллардааҕар тэрээһиннээхтик киирдилэр. От үүнүүтэ үчүгэй буолан, хаһаайыстыбалар даҕаны, ыаллар даҕаны хадьымал таһаарбыттара ыраатта. Билигин алаас сирдэргэ күргүөмнээхтик оттуу сылдьааччы элбэх. Быйыл былааннаах оппутун бүүс-бүтүннүүтүн бэйэбит сирбититтэн ыларга суоттанабыт. Үөһэ үрэхтэрбит билиҥҥэ диэри сүүрдэ сыталлар. Үрэх сирэ күһүөрү тардан, оттотооччу. Халлаан эрэ туран биэрдэр, дьон оттуур дьүккүөрэ күүстээх.

 Сергей Иванов, Үөһээ Бүлүү улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта:

 Ардах күн көтө-көтө кэлэн түһэрэ от үлэтин атахтаата. Сүрүннээн, өрүс уҥуордааҕы нэһилиэктэргэ самыырдыыр. Ааспыт күһүҥҥү ардах уонна сааскы хаар уута хотоол сирдэргэ өссө даҕаны тарда илик. Курааннаан тура түһэрэ буоллар, оттуур сир син тахсыах этэ. Эбэбит Бүлүү өрүс сааскы халаанын уута саҥа түһэ сатыыр. Бэтэрээ эҥээргэ Өргүөт, Быракаан оттуур сирдэрэ ууга сыталлар. Айан суолун кытыытынааҕы нэһилиэктэргэ ходуһалара саҥардыы тахсан эрэллэр. Бу нэдиэлэҕэ кэбиһиибитин 500-чэ туоннаҕа тиэрдэргэ суоттанабыт.

Бэҕэһээ, бэнидиэнньиккэ, нэһилиэктэр баһылыктарын кытта мунньахтаан, сирдэрин сирийэн көрөллөрүгэр ыйыы биэрдибит итиэннэ халлаан күнүн көрдөр эрэ харса суох оттоон иһэргэ диэн сүбэлэстибит. От ууга сытар буолан, дьэ ситэн эрэр. Балачча үүммүт эрээри, уулааҕа харгыстыыр. Ыксаатахха, илиинэн даҕаны охсуохха сөп буоллаҕа. Былааннаах 26 тыһ. туонна оппутун, ханна даҕаны көспөккө, бэйэбит сирбититтэн ыларга былаанныыбыт. Быйыл сайын “көҥүл хотууру”  урукку сыллардааҕар эрдэ биллэриэхпит диэн сирдээх дьону сэрэтэн олоробут. Оттоммокко хаалар ходуһа диэн суох буолуохтаах.

Тыа хаһаайыстыбатын билимин чинчийэр институтуттан икки учуонай кэлэн, бэҕэһээ Сургуулук Ыйылаһыгар сылгы иитэр кэпэрэтиип базатыгар аастылар. Улуустан вездеход биэрдибит. Быйыл саас ол түбэҕэ 200 гектарга өртөөһүнү тэрийэн ыыппыппыт. Учуонайдар от үүнүүтүн, састаабын үөрэтэллэр-чинчийэллэр. Билимҥэ олоҕуран өртөөһүн туһата дакаастаннаҕына, сүөһү-сылгы иитэр саха дьоно бары абыраныах этибит. Бу күннэргэ, чуолкайа, от ыйын 20-гэр бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко Ньурбалаан иһэн, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин боппуруостарыгар улуус салалтатын уонна үлэ дьонун кытта көрсүһүөхтээҕин күүтэбит.

Василий Никифоров

«Үлэ күүһэ» хаһыат хаартыската

Читайте дальше