Биир кэлим быыбар күнүгэр — балаҕан ыйын 8 күнүгэр — Саха Сиригэр 34№ -дээх Халыма — Индигиир биир мандааттаах быыбардыыр уокуругуттан Ил Түмэн сэттис ыҥырыытыгар норуот дьокутаатын эбии быыбардааһына ыытыллыаҕа. Ол туһунан Саха Сиринээҕи Киин быбардыыр хамыыһыйа быһаарыыта бэс ыйын 3 күнүгэр таҕыста.
Халыма — Индигиир биир мандааттаах быыбардыыр уокуругар Абый, Муома, Орто Халыма, Үөһээ Халыма, Өймөкөөн киирэллэр.
Санатабыт, 2023 сыл күһүн Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) дьокутааттарын быыбарыгар Халыма — Индигиир уокуругуттан талыллыбыт Сахамин Афанасьевка ити сыл алтынньытыгар Федерация Сэбиэтигэр сенаторын боломуочуйата сүктэриллибитэ.
Киин быыбардыыр хамыыһыйата Саха Сирин дьокутаатын эбии быыбарын ыытыы уонна бэлэмнэнии тэрээһиннэрин халандаарынай былаанын бигэргэттэ. Ол курдук, эбии быыбар ыытылларын туһунан официальнай биллэрии тахсыбыт күнүттэн 30 хонук иһигэр (олохтоох бириэмэнэн 18.00 ч. диэри) хандьыдааттар туруорунуулара көҥүллэнэр. Хандьытааттары эрэгэстиирээссийэлээһиҥҥэ 620 быыбардааччы илии баттааһынын хомуйуу ирдэнэр, ол иһигэр судаарыстыбаннай уонн муниципальнай өҥөлөр Биир кэлим порталларын туһанан 124 илии баттааһына киирэр. Уопсайа уокуруктааҕы быыбардыыр хамыыһыйаҕа 682 ордуга суох илии баттааһын түһэриллиэхтээх. Хандьытааттары түһэриигэ илии баттааһыны ыытарга маннык бэлитиичэскэй баартыйалар киирдилэр: “Биир ньыгыл Арассыыйа”, РФКП, “Саҥа дьон”, РЛДП, “Сиэрдээх Арассыыйа-Патриоттар- Кырдьык иһин”, “Родина”, “Арассыыйа хомуньуустара”.
Уокуруктааҕы быыбардыыр хамыыһыйа боломуочуйата Абыйдааҕы быыбардыыр хамыыһыйаҕа сүктэрилиннэ, суруйда Саха парламент саайт.
ЯСИА саайта