Балаҕан ыйын 25 күнүгэр Айсен Николаев РФ Судаарыстыбаннай Сэбиэтин президиумун мунньаҕар кытынна. Мунньаҕы бэрэсидьиэн Владимир Путин «Экспорты сайыннарыы» диэн боппуруоһунан салайан ыытта, Саха сирэ суруйар.
Бэрэсидьиэн эһиилгиттэн саҥардыллыбыт «Норуоттар икки ардыларынааҕы кооперация уонна экспорт» диэн национальнай бырайыак үлэлиэхтээҕин туһунан иһитиннэрдэ. Бу национальнай бырайыак үлэлээтэҕинэ, Арассыыйа хампаанньалара омук сирдэрин ырыынактарыгар табаардарын батаралларыгар уонна онно энэргиэтикэ сырьетуттан ураты табаары элбэтэргэ көмөлөөх буолуоҕа. Оннук табаардарга креативнай бородууксуйа эмиэ киирсэр.
— Бу улахан суолталаах тиэмэ. Манна креативнай индустрия эмиэ киирсэр, ону Саха сиригэр сайыннара сылдьабыт. Креативнай бородууксуйа материальнайа суох буолуон сөп, ол аата, инфраструктурнай хааччахтарга бэриммэт. Саха сирин курдук ыраах эрэгийиэҥҥэ ол улахан суолталаах, — диэн Айсен Николаев санаатын эттэ.
Владимир Путин этэринэн, 2001-2023 сылларга Арассыыйа энэргиэтикэҕэ сыһыана суох бородууксуйаны тас дойдуларга таһаарыыта 4 төгүл улааппыт. 2024 сыл ааспыт 7 ыйыгар маннык экспорт өссө 5 бырыһыан эбиллэн, 89,8 миллиард солкуобайга тэҥнэспит.
2023 сылга диэри маннык экспорды өссө элбэтэр сорук турар.
Санатар буоллахха, урут Айсен Николаев Саха сирин креативнай индустриятын баалабай эбиллибит сыаната 2030 сылга 113 миллиард солкуобайга диэри улаатыахтаах диэн этэн турар. Быйыл ити көрдөрүү 56,9 миллиард солкуобайга тэҥнэһэр.
Саха сирэ Арассыыйаҕа биир бастакынан айар индустриялары сайыннарыы кэнсиэпсийэтин ылыммыта. Кэнники кэмҥэ киинэ, анимация, дизайн, көмпүүтэр оонньууларын оҥоруу, ювелирнэй эйгэ, муусука, муода, уус-уран оҥоһуктар, о.д.а. эйгэлэрин сайыннарыы бара турар.
«Үлэ кыбартаала» арыллан, онно баар резиденнэр чэпчэтиинэн туһаналлар. ИТ-пааркаҕа сыыппара эйгэтигэр үлэлиир 120 резидент баар. Саҥа ювелирнэй кластер үлэлиир.
Саха киинэтэ сайдарыгар анаан Дьокуускайга Уһук Илиннээҕи элбэх дьайыылаах киинэ павильона тутуллуохтаах.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
СИА саайтан