Ил Дархан: Анастасия Диодорова — күүстээх санаа уонна эрэллээх буолуу холобура

Бүгүн, алтынньы 4 күнүгэр, Европа уонна аан дойду хас да төгүллээх чемпиона, ХIII-с Паралимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера, харбааһыҥҥа Россия спордун маастара Анастасия Диодорова спорт эйгэтиттэн тохтуур түгэнин бэлиэтиир тэрээһинэ буолла.

Ил Дархан Айсен Николаев Анастасияны паралимпийскай оонньууларга сүҥкэн кылаатын иһин махтанна. Тыһыынчанан киһиэхэ эр санаа холобура буоларын бэлиэтээтэ.

«Саха сирин бары олохтоохторун аатыттан махтанабын. Эйиигин бары киэн туттабыт, холобур оҥостобут. Ситиһииҥ улахан илистиилээх дьарыктан, үлэттэн кэлбитин бэлиэтиибит. Бу барыта күүстээх санааттан, чугас дьонуҥ өйөбүлүттэн буолар. Аттыгар өрүү төрөппүттэриҥ, аҕа сүбэһиттэриҥ уонна тренердэриҥ бааллар. Кинилэргэ улахан махтал тылларын аныыбыт!»-диэтэ Айсен Николаев.

Анастасия холобура дьону-сэргэни күүстээх, эрэллээх буоларга кынаттыырын, үрдүккэ-үтүөҕэ көҕүлүүрүн чопчулаан эттэ. Билигин Саха сиригэр хас үһүс доруобуйатынан хааччахтаах киһи адаптивнай физкультуранан уонна спордунан дьарыктанарын бэлиэтээтэ.

«Саха» НКИХ

Читайте дальше