Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Биһиги дойдубутугар сэрии иэдээнэ ыалы барытын таарыйбыта. Саха сириттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 62 тыһыынча киһи барбыта, олортон үгүстэрэ кырыктаах өстөөҕү кытта кыргыһыы хонуутугар дьоруойдуу охтубута. Саха сирин тыһыынчанан олохтооҕо –аҕа көлүөнэ дьон, оҕолор, дьахталлар тыылга көмүс көлөһүннэрин тоҕон, үгүс сыраларын ууран Кыайыыны уһансыбыттара.
Ньиэмэс халабырдьыттарын утары сэриигэ төһө да сору-муҥу, өлүүнү-сүтүүнү көрүстэр, өстөөх иннигэр сөһүргэстээбэтэх, кырыктаах кыргыһыыга кыайбыт, нацизмы үлтүрүппүт, эйэлээх халлааны бэлэхтээбит аҕа көлүөнэ дьон иннигэр сүгүрүйэбит. Улуу норуоппут кыайыытыгар хас биирдиибит ытыктабылы кэрэһилиир күммүт. Үйэлэргэ өлбөөдүйбэтсомоҕолоһуугут, Аҕа дойдуга тапталгыт иһин махтанабыт.
Хас эмэ уонунан сыллар ааспыттарын кэнниттэн биһиги дойдубут көҥүлү уонна кырдьыгы туруулаһарга күһэлиннэ. Кыайыыны аҕалбыт көлүөнэ сыдьааннара байыаннай дьайыы ыытыллар сиригэр Украина неонацистарыттан Ийэ дойдуну көмүскүүр ытык иэстэрин толороллор. Оччотооҕу Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар курдук биһиги буойуннарбыт хорсун быһыылара Ийэ дойдуга тапталынан угуттанар.
Улуу Кыайыы устуоруйатыгар ааттара көмүс буукубанан суруллубут Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдара, Аҕа дойду Улуу сэриитин бары кыттыылаахтара — биһиги албан ааппыт. Арассыыйа Федерациятын Дьоруойдара, өбүгэлэрбит кэриэстэригэр бэриниилээх, аҕаларбыт, эһээлэрбит кыайыыларын үксэтэр буойуннарбыт – биһиги киэн туттуубут. Биһиги хорсун буойуннарбытынан, байыаннай дьайыы хас биирдии кыттыылааҕынан муҥура суох киэн туттабыт. Биһиги дьыалабыт кырдьыктаах, биһиги булгуччу кыайыахпыт!
Бүгүн биһиги сэрии толоонуттан эргиллибэтэх буойуннарбытын сүгүрүйэ ахтабыт, кыайыыны уһансыбыт бэтэрээннэрбитигэр барҕа махтал тылларын этэбит. Эһигини кытта биир кэмҥэ олорор биһиэхэ үрдүк дьол!
Сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии оҕолоругар ураты сыһыаннаахпыт. Өйөбүл дьаһалларын өрүү тупсарабыт. Саха сиригэр Улуу Кыайыы күнүнэн гражданнар туспа категорияларыгар –Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, «Жителю блокадного Ленинграда» бэлиэнэн наҕараадаламмыт дьоҥҥо, Аҕа дойду Улуу сэриитин өлбүт инбэлииттэрин уонна кыттыылаахтарын огдооболоругар, Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр фашистар уонна кинилэр союзниктара тэрийбит концентрационнай лааҕырдарыгар, геттоларыгар хаайыллыбыт сокуоннайсаастарын ситэ илик оччотооҕу оҕолорго, тыыл бэтэрээннэригэр социальнай төлөбүр оҥоһуллан саҕаланна.
2024 сылтан Аҕа дойду Улуу сэриитин оҕолоругар Кыайыы күнүгэр анаан сыл ахсын харчынан төлөбүр оҥоһуллуоҕа. Бу харчыны 12 тыһыынчаттан тахса киһи ылыаҕа, эрэгийиэн бүддьүөтүттэн 49 мөл. тахса солкуобай көрүлүннэ.
2025 сылга Кыайыы 80 сылын көрсө бу төлөбүр биллэ улаатыаҕа.
Күндү Саха сирин олохтоохторо!
Бу ытык күнүнэн эҕэрдэлиибин! Эйэни, этэҥҥэ буолууну, кытаанах доруобуйаны, дьолу баҕарабын!
Аҕа дойду дьоруойдарын ааттара үйэлэргэ умнуллубатын! Улуу дойдубут үүнэ-сайда турдун! Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Улуу Кыайыы күнүнэн!
Айсен НИКОЛАЕВ,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана
ЯСИА саайта