Сахалыы сайаҕас тылбынан
Санаабын сааһылаан кэпсиэҕим,
Сайдыылаах кэмнэри сэҥээрэн
Саргылаах олоҕу түстэһиэм.
Төрөөбүт төрүт тылбынан
Төрөппүт ийэбэр суруйуом,
Ахтыбыт дууһабын уоскутан,
Үөрүүбүн-көтүүбүн үллэстиэм.
Ийэ тыл иһирэх тылынан
Истиҥник тапталбын билиниэм,
Сүрэҕим кистэлин кэпсээммин
Долгуйа, кэмчиэрийэ сипсийиэм.
Уус-уран урааҥхай тылынан
Дойдубун уруйдуу туойуоҕум —
Адаар таас очуостаах хайабын,
Дьэп-дьэҥкир сүүрүктээх өрүспүн.
Омоҕой олохтоох тылынан
Хомоҕой хоһооммун хоһуйуом,
Олоҥхо омуннаах олоҕун
Оллоонноон олорон мин туойуом.
Эллэйбит элэккэй тылынан
Эйэҕэс эҕэрдэ этиэҕим,
Эдэри, эмэни түмэммин
Эйэлээх олоҕу эллэһиэм.
Люция Егорова-Күндүүнэ, Томтор