Ийэ буолар — дьол!

Ийэ буолуу дьолун билбит бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Томтор нэһилиэгин олохтооҕо Ольга Винокурова.

Ольга Михайловна 2012 с. Өймөкөөн Томторугар Винокуровтар дьиэ кэргэннэригэр кийиит буолан кэлбитэ. Кини Үөһээ Бүлүү Нам нэһилиэгэр Наумовтар дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Кэргэнэ Моисей Винокуров аҕата Юрий Ильич Афганистан сэриитин кыттыылааҕа этэ.

Винокуровтар түөрт оҕолоохтор, бастакы уолларын эһэтин аатынан Юрий диэн ааттаабыттара. Билигин кини 3-с кылааска туйгуннук үөрэнэ сылдьар. Оттон иккис уол Юлиан 1-кы кылаас үөрэнээччитэ. Үһүс оҕолоро Петя, кыталык кыыстара Анисия уһуйаан иитиллээччилэрэ.

— Мин нэһилиэккэ ыытыллар араас тэрээһиҥҥэ актыыбынайдык кыттабын. Томтордооҕу Култуура дьиэтигэр быыс буллубут эрэ мустан ыллыыбыт-туойабыт. «Сардаҥа» диэн ансаамбылбыт 2016 с. тэриллибитэ. Салайааччыбыт Евдокия Готовцева буолар. Ону сэргэ мин саахыматынан, сыал ытыытынан дьарыктанабын, — диэн кэпсиир ыал ийэтэ. – Биһиги оҕолорбут үөрэхтээх, үлэһит, киһи киһитэ буолан тахсалларыгар баҕарабыт. Кыыс оҕо ийэтигэр, оттон уол аҕатыгар чугас буолуохтаах. Оҕолорбутун кыра саастарыттан үлэҕэ сыһыарар сыалтан ас астыыртан саҕалаан, таҥас-сап тигиитигэр, дьиэ ис-тас үлэтигэр тиийэ батыһыннара сылдьан үөрэтэбит.

-Таптыыр кэргэннээх, оҕолордоох, сөбүлүүр дьарыктаах, дьиэлээх-уоттаах, элбэх доҕоттордоох буолуу — бу дьол бэлиэтэ. Дьиэҕэ өйдөһүү-өйөһүү баар буоллаҕына барыта сатаныа, кыаллыбат кыаллыа дии саныыбын, — диэн санаатын үллэһиннэ ыал ийэтэ Ольга Винокурова.

Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.

Евдокия Егорова

Читайте дальше